Салгыы
Сахалыы күн-дьыл эргииринэн киһи майгыта

Сахалыы күн-дьыл эргииринэн киһи майгыта

18.01.2024, 12:00
Хаартыска: Мария Васильева, СИА.
Бөлөххө киир:

Күн-дьыл эргииринэн киһи майгытын, олоҕун эмиэ билгэлииллэр эбит. Төһө сөп түбэһэр, тэҥнээн көрүҥ.

Бэлиэлэр, сыллар

Таҥха – 1913, 1925, 1937, 1949, 1961, 1973, 1985;

Одун – 1914, 1926, 1938, 1950, 1962, 1974, 1986;

Дьөһөгөй – 1915, 1927, 1939, 1951, 1963, 1975, 1987;

Айыыһыт – 1916, 1928, 1940, 1952, 1964, 1976, 1988;

Иэйэхсит – 1917, 1929, 1941, 1953, 1965, 1977, 1989;

Үрүҥ Айыы – 1918, 1930, 1942, 1954, 1966, 1978, 1990;

Сир иччитэ – 1919, 1931, 1943, 1955, 1967, 1979, 1991;

Сүҥ Дьааһын – 1920, 1932, 1944, 1956, 1968, 1980, 1992;

Улуу Суорун – 1921, 1933, 1945, 1957, 1969, 1981, 1993;

Хотой Айыы – 1922, 1934, 1946, 1958, 1970, 1982, 1994;

Байанай – 1923, 1935, 1947, 1959, 1971, 1983, 1995;

Сэбэн (Билгэ) – 1924, 1936, 1948, 1960, 1972, 1984, 1996.

Бэлиэлэр, ыйдар

Таҥха – тохсунньу,

Одун – олунньу,

Дьөһөгөй – кулун тутар,

Айыыһыт – муус устар,

Иэйэхэсит – ыам ыйа,

Үрүҥ Айыы – бэс ыйа,

Сир иччитэ – от ыйа,

Сүҥ Дьааһын – атырдьах ыйа,

Улуу Суорун – балаҕан ыйа,

Хотой Айыы – алтынньы,

Байанай – сэтинньи,

Сэбэн (Билгэ) – ахсынньы.

Бэлиэ майгыта

Таҥха – бүтэй, таайымтыа-сэрэйимтиэ, дьулуурдаах;

Одун – бүтэй, тиийимтиэ тыллаах, дьүккүөрдээх;

Дьөһөгөй – аһаҕас, тулуурдаах, дьүккүөрдээх үлэһит;

Айыыһыт – аһаҕас, аламаҕай, уоттаах, истиҥ;

Иэйэхсит – аһаҕас, эйэҕэс, амарах, өҥ;

Үрүҥ Айыы – аһаҕас, чаҕылхай, уохтаах, эрчимнээх;

Сир Иччитэ —  аһаҕас, үчүгэйи ылынымтыа, тулуурдаах;

Сүҥ Дьааһын – аһаҕас, кырдьыксыт, булгуччу майгылаах;

Улуу Суорун – бүтэй, түгэхтээх, идэҕэ ураты аһаҕас;

Хотой Айыы – бүтэй, бигэ, булгуччулаах, дохсун;

Байанай – бүтэй, булугас-талыгас, уохтаах-кылыннаах, мындыр;

Бэбэн (Билгэ) – бүтэй, олохтоохтук толкуйдуур, сылыктыыр, дьулуурдаах.

(М.А. Попова, “Саха төрүт культурата”, 1994 с. кинигэттэн).

+1
7
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
8 мая
  • 4°C
  • Ощущается: -0°Влажность: 81% Скорость ветра: 6 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: