Сир хаһаайыннаах буолуохтаах
Бултуур сиргэ үүтээн туттааччыларга сыһыаннаан регистрацияламматах сиргэ тутуллубут үүтээннэри суох гынаттыыллар диэн кэпсэтэн эрэллэр.
Оттон регистрациялаах, бас билэр сиргэр үүтээн туттар кыахтааххын. Ол үүтээн олорор дьиэ статуһугар киирбэт. Үүтээн регистрацияламмат. Сир регистрацияланар.
Сир хаһаайыннаах буолуохтаах. Урут да “обычное право” диэнинэн сир хаһаайына диэн билиниллэр киһи үүтээн туттар этэ. Сэбиэскэй тутул саҕана сиргэ чааһынай бас билии диэн суох буолан, уопсай судаарыстыба сиригэр үүтээн туттууга ким да кыһаммат этэ. Билигин судаарыстыба сирэ дэнэн турар сиргэ, тыаҕа үүтээн дуу, өссө хапытаалынай тутуу туттар сэрэхтээх. “Самострой” диэн категорияҕа киирэр. Хаһан баҕарар сир бас билээччитэ уларыйан, ким эрэ кэлэн: “Мантан үүтээҥҥин киэр гын, 24 чааһы биэрэбин”, — диэн сөп. Өссө тутуугун, көтүрбэккэ быраҕан бардаххына, бэлэми апчарыйаллар. Былыр былыргыттан сир бас билиилээх буолар. Сахаҕа ол былыргыттан баар. Ол эрээри, бүгүҥҥэ диэри “обычное право” диэнинэн, суруга, докумуона суох, “бу сир ол киһи, ол аймах сирэ” диэн билинии быһыытынан дьаһаныы баар. Ону улам сурук — докумуон күүһүнэн, судаарыстыба сокуоннарын быһыытынан дьаһаныыга киирэн иһэбит.
Хаартыска: С.Андреев
Владислав Кривошапкин
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: