Тыа хаһаайыстыбатын өйөөҥ диэн кэс тылларын эттилэр

Тыа хаһаайыстыбатын өйөөҥ диэн кэс тылларын эттилэр

14.02.2025, 11:00
Антонина Эверстова хаартыската
Бөлөххө киир:

Уус Алдан. Бээди сэлиэнньэтэ Дүпсүн нэһилиэгин иһигэр киирэр. Манна 300-чэкэ киһи олорор.

Улахан айан суолун кытыытыгар баар буоланнар, суол, сибээс баар. Арай ППМИ куонкуруһугар кыайаннар, быйыл уулуссалара уоттаныахтаах. Саҥа ФАП дьиэтэ тутуллубут, үлэһит баар. Нэһилиэнньэ үгүс өттө ититиигэ холбонон олороллор, онон олохтоохтор бу өттүнэн улаханнык астынан олороллор.
Ситэриилээх былаас отчуотугар олохтоохтор ханнык кыһалҕаларын туруорустулар?
Оскуола дириэктэрэ Марина Жиркова, 2016 сыллаахха «Үтүө дьыаланан» тутуллубут оскуола дьиэтэ хайыы үйэ 2019 с. хапытаалынай өрөмүөнү барбытын эттэ. Быйыл эбийиэк аллараа өттүнэн өссө улаханнык хайа барбыт.
Эппиэт курдук, 2016 сылга диэри «Үтүө дьыаланан» тутуллубут эбийиэк үксэ мөлтөх туруктааҕын эттилэр. Онон сирин аннын кыһынын тоҥ турарын ситиһиҥ, ол оннугар хара муостатын кичэйэн оҥоруҥ диэн сүбэлээтилэр.
Уһуйаан эмиэ маннык кыһалҕалаах. Улууска тутууга төрдүс уочаракка турар. Онон Бээдигэ оскуола уонна уһуйаан эмиэ тыын боппуруос буолбут. Дьон көһүүтэ, оҕо ахсаана аҕыйааһына бу эбийиэктэри кытта быстыспат ситимнээх. Ону кытта олохтоохтор тыабыт хаһаайыстыбатын өйөөҥ диэн кэс тылларын этэн хааллылар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
15 февраля
  • -27°C
  • Ощущается: -27°Влажность: 69% Скорость ветра: 0 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: