Түөлбэ үлэтэ — нэһилиэк сайдыыта
Аммаҕа «Тэтим» түөлбэ төрүттэммит күнүн бары үөрэн-көтөн туран түмсүүлээхтик бэлиэтээри, сарсыардаттан ох курдук оҥостон, сахалыы таҥаспытын кэтэн, оҕолуун-уруулуун «Дружба» успуорт саалатыгар тиэтэйэ-саарайа кэллибит.
Бэлиэ күммүтүн саха сиэринэн алгысчыт Качаткин Василий арыйда, арчылаата, ыраастаата, аал уоппутун арыылаах алаадьынан күндүлээтэ. Сааскы салгын сайа биэрдэ, саха дьоно өрө тыынныбыт. Өрөөбүт уоһу өһүлэн, хоммут уоһу хоҥнорон оһуокайы дьиэрэттилэр Елизавета Макарова, Феврония Данилова.
Түөлбэбит салайааччыта Анатолий Федоров түөлбэ күнүнэн эҕэрдэтин тиэртэ, туох үлэ барбытын билиһиннэрдэ, инники соруктары эттэ, түөлбэ актыыбын билиһиннэрдэ, ытыс тыаһыгар доҕуһуоллатан көхтөөх дьоҥҥо бэлэхтэри туттарда, инникитин да ыытыллар тэрээһиннэргэ кытта туралларыгар ыҥырда. Салгыы Амма нэһилиэгин баһылыга Михаил Алексеевич Артемьев: «Түмсүүлээхтик үлэлиигит, атын түөлбэлэргэ холобур буолаҕыт. Аан маҥнай маннык тэрээһини эһиги саҕалаатыгыт. Мустан, оҥостон кэлбиккит олус үчүгэй. Биир туспа дэриэбинэ дьонун саҕа буолбуккут»,- диэн сөҕөн-махтайан туран бэлиэтээтэ, эҕэрдэтин, махталын тиэртэ. Кини нэһилиэккэ туох үлэ барарыттан саҕалаан, олоҥхобут ыһыаҕар бары көхтөөхтүк кыттыаҕын диэн ыҥырда. «Тэтим» дьоҕус паарка түөлбэ биир дьоһун бырайыага олоххо киирэригэр сагыы үлэлэһиэхпит диэн эрэннэрдэ, олохтоохтор санаабытын көтөхтө, сэргэхситтэ. Дохсун ытыс тыаһыгар доҕуһуоллатан түөлбэбит көхтөөх, эрэллээх олохтооҕор Неустроев Михаил Ильичка, буулдьанан ытыынан дьарыктанар, кэнники үгэс буолбут ох саанан ытыыга өрөспүүбүлүкэ чөмпүйүөнүгэр Баранов Егор Анатольевичка махтал суруктары туттарда.
Быыстапка бэртээхэйэ тардыллынна, кэрэ оҥоһук, араас кэллиэксийэлэр дьон-сэргэ болҕомтотун тартылар. Онно бааллар саахымат, кыбытыы олбохтор, туос иһиттэр, мунньар идэлээх дьоммутуттан уруучука арааһа, түөскэ кэтэр киэргэл дьиктитэ, куукула эҥин арааһа, аккырыыккалар, ааспыт кэм кэрэһитэ, урукку олох туоһулара альбомнар, кинигэлэр, блокноттар. Быыстапкаҕа Чикальдина Александра Егоровна, Артемьева Екатерина Прокопьевна, Сирдитова Анастасия Васильевна, Кондакова Анна Дмитриевна, Акимова Наталья Владимировна, Дьячковская Дария Елисеевна, Герасимова Надежда Петровна көхтөөх кыттыыны ыллылар. Үөрүүлээх дьоро күнү бэйэлэрин музыкальнай эҕэрдэлэринэн киэргэттилэр Ирина Васильева, Григорий Петров.
Биһиги түөлбэҕэ эдэр ыаллар эбиллэ тураллар. Ол курдук, Спортивнай уулуссаҕа Адамовтар, Ивановтар, Кеша Алексеева уулуссатыгар Федоровтар дьиэ кэргэттэрэ. Кинилэргэ анаан РФ Дьиэ кэргэн сылынан түөлбэ аатыттан өйдөбүнньүк бэлэхтэр туттарылыннылар. Эдэр дьон хардаларын түөлбэлэрин олоҕор көхтөөхтүк кыттыах буолан эрэннэрдилэр.
Дьоро күммүтүгэр кылгастык иһитиннэриилэри, наадалаах сүбэлэри биэрдилэр исписэлиистэр Захарова Наталья Николаевна, фтизиатр-быраас. Кини быйыл түөлбэ дьоно бары ФЛГ барыахтаахпытын туһунан, ол үлэҕэ түөлбэ кыттыһарын эттэ. Ис дьыала улуустааҕы отделын начаалынньыгын солбуйаччы Дьяконов Валерий Семенович терроризм утары бэрэбиэркэлэр күүһүрбүттэрин, буруйу оҥоруу олох сайдыытынан эмиэ уларыйан иһэрин эттэ, социальнай ситим нөҥүө араас кэпсэтиилэри кэтээн көрүү, буруйдаахтары булуу күүһүрбүтүн, буруйу оҥоруу былырыыҥҥы көрдөрүүттэн намтаабытын бэлиэтээтэ, түөлбэҕэ быйылгыттан ДНД үлэтэ баар буолуохтааҕын иһитиннэрдэ. ПДН иниспиэктэрэ Никифорова Лилия Никодимовна оҕо буруйу оҥорботун туһугар төрөппүт улахан оруоллааҕын саннатта, сокуоннай сааһын ситэ илик оҕоҕо мотуордаах тырааныспары ылан биэрии төрөппүтү эппиэккэ тардарын өйдөттө, өйдөтүү үлэтэ ыытылларын эттэ. Драгунов Евгений Олегович төлөпүөн нөҥүө дьон албыҥҥа киирэн биэриитэ күн-түүн элбиирин эттэ, сэрэхтээх буоларга ыҥырда. Онон бу күн дьон-сэргэ мустан туһалаах сүбэ-ама ыллылар.
Бүгүҥҥү дьоро күммүт, тэтимнээх, эрчимнээх «Тэтим» түөлбэбит олохтоммут күн олунньу 18 күнүнэн бэлиэтэнэр буолла. «Эһиил үбүлүөйдээх сылбытын бэлиэтиэхпит», — диэн бары олохтоохтор дуоһуйа сынньанан, доҕотторун кытта көрсөн, бары бииргэ биир Амма олохтоохторобут, биир түөлбэ дьонобут диэн кэскиллээх санааны ылынан, дьоллонон тарҕастыбыт.
Феврония Данилова
«Тэтим» түөлбэ олохтооҕо,
Амма
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: