«Аҕа күрэҕэ — 2024» түмүктэннэ!
07.04.2024, 20:43
Егор Карпов
Бөлөххө киир:
Мэҥэ Хаҥалас улууһугар икки күн устата дьону муспут өрөспүүбүлүкэ таһымнаах XXIV «Аҕа күрэҕэ — 2024» түмүктэннэ.
Сэттэ түһүмэхтээх кытаанах киирсии кэнниттэн, үс бастыҥнар ааттаннылар. Ол курдук, үһүс миэстэҕэ Уус Алдан хамаандата — Поповтар дьиэ кэргэн, иккис миэстэҕэ Бүлүүттэн кэлбит Ивановтар дьиэ кэргэн уонна бастакы миэстэҕэ Амма улууһун бэрэстэбиитэллэрэ Федоровтар кыайыы үрдэллэригэр турар чиэскэ тигистилэр!
Бастакы миэстэлээх дьиэ кэргэҥҥэ 300 тыһ.солк. бириис туттарылынна. Иккиһи ылбыттарга 150 тыһ.солк тигистэ. Оттон үһүс миэстэлээх аҕа уонна уол 100 тыһыынчанан наҕараадаланнылар. Күрэхтэһии туһунан сиһилии бу күннэргэ саайтка уонна хаһыакка кэтэһиҥ.
+1
1
+1
+1
4
+1
1
+1
+1
1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: