Салгыы
Бэрэсидьиэн элбэх оҕолоох ыаллар нолуоктан босхолоноллорун өйөөтө

Бэрэсидьиэн элбэх оҕолоох ыаллар нолуоктан босхолоноллорун өйөөтө

11.01.2024, 14:18
Хаартыска: Объясняем.рф
Бөлөххө киир:
Бэрэсидьиэн Владимир Путин Чукоткаҕа үлэлиир кэмигэр Анадырь уопсастыбаннаһын кытары көрүстэ. Бу көрсүһүүгэ Уһук Илиҥҥэ олорор элбэх оҕолоох ыаллары дьиэ-уот нолуогуттан босхолуур туһунан этии киирбитин, бэрэсидьиэн өйөөтө.

Владимир Путин нолуоктан босхолуур кыах олохтоох муниципальнай былаастарга баарын бэлиэтээтэ. Ол гынан баран, муниципалитеттар бары итинник кыахтаах буолбатахтар. Онон бэрэсидьиэн тута үп миниистирэ Антон Силуановы кытта кэпсэтэн баран, дойду бүддьүөтэ туруктаах буолан, бу боппуруоска  олохтоох бүддьүөккэ көмөлөһөр кыах баар диэтэ.

Онон бу боппуруоһу быһаарар кыах баар. Мин бу этиини өйүүбүн уонна бырабыыталыстыба, «Госсэбиэт» тустаах профильнай хамыыһыйата ылсан үлэлииллэригэр ыҥырабын. Сотору кэминэн, сөптөөх быһаарыы ылыллыаҕа дии саныыбын, — диэн кини эттэ.

Маны тэҥэ, Уһук Илиҥҥэ намыһах төрүөхтээх эрэгийиэннэргэ үһүс оҕо төрөөтөҕүнэ ипотеканы сабарга эбии төлөбүрү киллэриэххэ сөп диэн эттэ. Сорох эрэгийиэннэргэ маннык көмө миэрэлэрэ номнуо бааллар. Холобур, Приморскай кыраайга элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ 550 тыһыынча солкуобай төлөнөр. Оттон Саха сиригэр үһүс уонна онтон кэлэр оҕоҕо Өрөспүүбүлүкэтээҕи ийэ хапытаала баар, быйыл суумата икки төгүл үрдээн, 300 тыһыынча солкуобайга тэҥнэспитэ.

«Арассыыйаҕа элбэх оҕолонуу муодаҕа киирэн эрэриттэн үөрэбин, ити олус үчүгэй«, — диэн Владимир Путин түмүгэр бэлиэтээтэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
28 апреля
  • -2°C
  • Ощущается: -9°Влажность: 43% Скорость ветра: 8 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: