Өбүгэлэрбит күрүөлэрэ-хаһаалара
Окко киирэр кэм бу кэллэ. Отчуттар сыыйа-баайа күрүө-хаһаа туһунан толкуйдууллар. Былыргыларга маннык күрүөлэр бааллар эбит. Билигин онтон төһөтө туттуллар?
Бүтэй. Оттонор ходуһаны, бааһынаны эҥин сүөһү киирбэтин диэн бүтэйдээһин. Бүтэйи сорохтор күрүө эбэтэр оҕуруот дииллэр.
Бэрбээкэй бүтэй. Иккилиилээх күрүө: анныкы сиэрдийэ баҕана үүтүгэр угуллар, үрүт сиэрдийэ баҕана төбөтүнээҕи ыыраахха түһэриллэр.
Сүнньүөх бүтэй. Баҕана үүтүгэр угуллубут икки мастаах (иккилиилээх) күрүө. Ньирэйи, ынаҕы хаайарга аналлаах.
Ыыраах бүтэй. Икки алын сиэрдийэтэ баҕана үүтүгэр угуллубут, үөһээҥҥи үһүс сиэрдийэтэ баҕана төбөтүнээҕи ыыраахха түһэриллибт үстүүлээх үүт бүтэй.
Үүт (остуолба бүтэй). Сорохтор өссө сүлдьүгэс күрүө дииллэр.
Күрүө сиэрдийэлэрин үүттээх остуолбаларга угуталаан оҥоһуллубут бүтэй. Сэргэ курдук модьу остуолбалары чүүччү сүгэ диэн аналлаах сүгэнэн үүттэтэлииллэр. Метр кэриҥэ дириҥҥэ түһэрэн, остуолбалары хамсаабат гына дэлби буору симэллэр. Үс эбэтэр түөрт үүттээх буолар. Модьу сиэрдийэлэри икки өртүнэн суоран баран, остуолбаларга симэллэр.
Боотулу бүтэй. Тоһоҕолору хардарыта анньыталаан, онно сиэрдийэлэрин уурталаан оҥоһуллубут бүтэй. Бөҕө буоллун диэн, тиит тоһоҕолорунан туталлар. Тоһоҕолорун, сиэрдийэлэрин үстүү өртүлэринэн сулуйаллар. Хас анньыллыбыт тоһоҕо аннынан истээгинэн сиэрдийэни туттараллар. Сиэрдийэлэрин ыккардыларынан сүөһү төбөтө баппат буолуохтаах. Оччоҕо сүөһү бүтэйи күрүөһүлээн киирэр кыаҕа суох буолар. Судургу оҥоһуулаах, бөҕө бүтэй.
Сигэ бүтэй. Икки тоһоҕону сэргэ туруору анньыталаан, олору сигэнэн холбуу кэлгийэн баран, онно сиэрдийэлэри угуталаан оҥоһуллубут бүтэй. Боотулу бүтэйи үксүн быстах кэмнээх, холобур, от күрүөтүн эҥин бүтэйдииргэ тутталлар.
Сылбах бүтэй. Үүнэн турар мастары үрүт үөһэ охтортоон оҥоһуллубут бүтэй. Соччо суолтата суох сүөһү хаайан мэччитэр өртүктэрин күрүөлүүллэрэ.
Хаһаа. Аты туруорарга үрүттээх бүтэй тутуу. Сорохтор ыстаайа дииллэр. Сайын сүүрдэр аттарын баайаллар (баайыы – аһаппакка эбэтэр кыратык аһатан сылгыны хатарыы).
Кыбыы. Дьиэ таһыгар от тоҕор күрүө.
Дал. Сүөһүнү хаайар бүтэй. Ынах дала, сылгы дала диэн ааттыыллар, араарыллаллар.
Өртүк (хаарчах). Сайын сүөһүнү хаайан мэччитэр сир. Ынаҕы ыам ыккардыгар, ыанар биэлэри, сайын миинэр аттарын хаайан аһаталлар.
(Туһаныллыбыт литэрэтиирэ: “Өбүгэлэрбит олохторо-дьаһахтара”, Н.Е. Саввинов).
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: