Этиҥнээх хаар: айылҕа дьикти көстүүтүн исписэлиис быһаарда

Этиҥнээх хаар: айылҕа дьикти көстүүтүн исписэлиис быһаарда

Ааптар:
26.03.2024, 10:00
Хаартыска: vsegda-pomnim.com
Бөлөххө киир:

Кулун тутарга Горнай Бэрдьигэстээҕэр этиҥ ньиргиппитэ. Айылҕа дьикти көстүүтүн олохтоох Зоя Парфенова видеоҕа устубута социальнай ситимнэргэ билигин даҕаны тарҕанар.
Бу айылҕа дьикти көстүүтүн туһунан Космофизика чинчийиилэрин үнүстүүтүн билимҥэ сүрүннүүр үлэһитэ, ионосфера уонна магнитосфера радиоизлучениеҕа лабораториятын салайааччыта Владимир Козлов быһаарбытын СИА суруйар.

– Чаас аайы кэриэтэ хаар быыһыгар этиҥ эппитин биһиги тиһикпит кулун тутар 20 күнүттэн саҕалаан 21 күнүн сарсыардатыгар диэри кэтээн көрбүтэ. Дьиҥэр, прибор дьон кулгааҕынан илэ истибитинээҕэр өссө элбэх этиҥи бэлиэтээбитэ. Арааһа, ол барыта дьон олорбот сиригэр түбэспит буолан истибэтэх буолуохтарын сөп. Этиҥнээх хаар кэмигэр разряд уу таммаҕа уонна паар мууска кубулуйар үрдүк сиригэр арахсар. Ол муус халлаан тымныы буолан сиргэ түһүөр диэри ууллубат. Ол иһин этиҥ кэмигэр ардах буолбакка, хаар түһэр. Этиҥнээх ардах кэмигэр этиҥнээх былыт үөһээҥҥи кирбиитэ 10-ча км үрдүктээх сиринэн ааһар буоллаҕына, биһиги күүстээх разрядтары харахпытынан көрүөхпүтүн сөп. 2019 сыллаахха диэри Саха сиригэр этиҥнээх хаары олох сэдэхтик көрүөххэ сөп этэ. Ол гынан баран, кэлиҥҥи кэмҥэ сайынын даҕаны, кыһынын даҕаны этиҥ этэрэ элбээтэ. Онтун ааһан, бэл, Котельнай арыыга, Таймыыр тумул арыытыгар, о.д.а. Уһук Хоту сиргэ тиийэр буолла.

Этиҥнээх хаар элбээһинэ эрэгийиэн килиимиэтин уларыйыытын кытта ситимнээх буолуон сөп. Холобур, Москва уобалаһыгар үгүстүк истиэххэ сөп. Онон, Саха сирин халлаанна Москва кыһыныгар майгынныыр буолбут буолуон сөп.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
5
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
6 мая
  • -1°C
  • Ощущается: -1°Влажность: 80% Скорость ветра: 0 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: