Салгыы
Ил Дархан Айсен Николаев «Быһа лииньийэтигэр» ыйытыыны хайдах ыытабыт?

Ил Дархан Айсен Николаев «Быһа лииньийэтигэр» ыйытыыны хайдах ыытабыт?

Ааптар:
22.09.2024, 13:00
Андрей Сорокин, СИА хаартыската.
Бөлөххө киир:

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннаһын күнүн көрсө балаҕан ыйын 24 күнүгэр 19:00 чаастан Ил Дархан Айсен Николаевы кытта «Быһа лииньийэ» ыытыллыаҕа. СӨ Баһылыгар баҕалаахтар ыйытыыларын биэриэхтэрэ.

Ыйытыылары СӨ Эрэгийиэни салайар киинэ хомуйан саҕалаата:

— 8 (4112) 506-006 нүөмэр суукканы эргиччи үлэлиир.
— телеграмҥа @voprosGlaveYakutii_bot чат-бот нөҥүө эмиэ ыытыахха сөп.

Айсен Николаев эпиир кэмигэр ыйытыыларга хоруйдуоҕа, оттон хаалбыт ыйытыыларга чугаһынан кэмҥэ хайаатар даҕаны хоруйдары ыытыахтара.

Быһа эпиир «Саха» НКИХ, «Якутия 24», «Россия 24» ханаалларга көстүөҕэ, «Тэтим», «Радио России», «Виктория Саха», «СТВ-радио» араадьыйаларга иһиллиэҕэ. Маны таһынан Айсен Николаев социальнай ситимнэригэр трансляцияланыаҕа:

Телеграм: https://t.me/aisen_nikolaev

Вконтакте: https://vk.com/aisennikolaev14

Одноклассники: https://m.ok.ru/profile/576618790554

Рутуб: https://rutube.ru/channel/25540354/

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
22 сентября
  • 2°C
  • Ощущается: 2°Влажность: 80% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: