Салгыы
Күн-дьыл туруга бүгүн хайдаҕый?

Күн-дьыл туруга бүгүн хайдаҕый?

Ааптар:
07.05.2024, 08:30
Хаартыска: СИА
Бөлөххө киир:

Күн-дьыл туруга бүгүн хайдаҕый? Дьокуускайдааҕы метеосулууспа иһитиннэрэринэн, Халыма-Индигиир оройуоннарыгар сөҥүүтэ суох.

Түүнүн  Мииринэй, Сунтаар, Ньурба, Үөһээ Бүлүү, Бүлүү улуустарыгар сорох сирдэринэн, күнүс Өлүөнэ алын өттүгэр ардахтаах, хоту, хотугулуу-арҕаа түүн инчэҕэй хаардаах буолара күүтүллэр.

Күнүс киин оройуоннарга, соҕуруу өттүгэр кыралаан ардыа. Өрүс уҥуоргу улуустарыгар сөкүүндэҕэ 9-14 м тыаллаах, киин улуустарга 15-17 м тиийэ тыалырыа. Өлөөн Сунтаар, Ньурба, Үөһээ Бүлүү, Бүлүү, Ленскэй, Өлүөхүмэ оройуоннарыгар сөкүүндэҕэ 15-20 м  тыаллаах, Мииринэйгэ сөкүүндэҕэ 17-22 м тыалырар. Кыраадыс түүн 0,+5°, соҕуруулуу-арҕаа +5+10°, хотугулуу-илин сорох сиринэн -5-10°, күнүс +15+20°, соҕуруулуу-арҕаа, хотугулуу-илин +9+14°, арҕаа, хотугулуу-арҕаа +4+9°.

Дьокуускайга түүн +2°, күнүс +17+19°. Киэһээ быстах ардах түһүөҕэ, соҕуруулуу-илинтэн сөкүүндэҕэ  3-8 м. тыаллаах, күнүс сөкүүндэҕэ 15-17 м тиийэ тыалырыа.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
19 мая
  • 8°C
  • Ощущается: 6°Влажность: 29% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: