Салгыы
Ньурба үөдэйдэрэ Пиэрибэй маайы субуотунньугунан бэлиэтээтилэр

Ньурба үөдэйдэрэ Пиэрибэй маайы субуотунньугунан бэлиэтээтилэр

01.05.2023, 12:39
Хааартыска -- Мария Николаева тиксэриитэ
Бөлөххө киир:

Ыам ыйын сааскы бастакы суолталаах бырааһынньыгын —  Пиэрибэй маайы Ньурба улууһун Үөдэй нэһилиэгин олохтоохторо күргүөмнээх  субуотунньугунан бэлиэтээтилэр.

Нэһилиэк дьаһалтатын баһылыгынан 2001-2006 сылларга Мария Николаева анаммыта. Онтон 2017 сыллаахха биир дойдулаахтара  кинини быыбарынан талбыттара. Олоххо көхтөөх, араас тэрээһиннэри сатабыллаахтык тэрийэр, кыахтаах салайааччы дьонун-сэргэтин өрүү нэһилиэктэрин сайыннарар, тупсарар үлэҕэ көҕүлүүр үтүөкэннээх киһи.

Бүгүҥҥү Пиэрибэй маай күнүн үөдэйдэр субуотунньугунан бэлиэтээбиттэрин туһунан баһылык Мария Николаева маннык кэпсиир:

Үөдэй нэһилиэгин олохтоохторо бу сарсыардаттан үөрэ-көтө мустан, Кыайыы болуоссатын кыһыҥҥы хаарын ыраастаатылар.

Быйыл хаар олус  элбэх буолан, болуоссаппыт халыҥ хаарынан бүрүллэн сыппыта. Эдэрдиин-эмэнниин бары үөрэ-көтө көхтөөх үлэни көҕүлүттэн туттубут: ким хаар таста, ким билиитэлэри ыраастаата.

Күүстээх үлэ түмүгэр ыраастаабыт былаһааккабыт, мэктиэтигэр, кэҥээбит курдук буола түстэ. Онон Улуу Кыайыы күнүн көрсө болуоссаппыт ыраастанна, бэрээдэктэннэ. Оҕолор да хаалсыбатылар, улахан дьонтон холобур ылан, тэҥҥэ тириттилэр-хоруттулар. Оҕолорбут Ийэ дойдуларыгар бэринииилээх буола улаатыылара, дьоруойдарбытын ытыктыы улааталлара бу маннык үлэттэн, көҕүлээһинтэн саҕыллара чахчы. 

Субуотунньукка тус баҕаларынан кэлэн көмөлөспүт бар дьоммутугар махтал тыл истиҥин этэбит. Хас биирдиибит нэһилиэкпитин, сэрии, үлэ бэтэрээннэрин, олорон ааспыт кырдьаҕастарбытын ытыктыырбытын, саныырбытын, умнубаппытын бу субуотунньук туоһулаата, бигэргэттэ.

«Үлэ — дьол!» диэн бэргэн этиинэн кынаттанан, Үөдэй нэһилиэгин олохтоохторо Пиэрибэй Маай бырааһынньыгын үлэнэн бэлиэтээн, аны да өссө буолуохтаах субуотунньуктарга маннык күргүөмнээхтик тахсарга бэлэмнэр.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
11 октября
  • 2°C
  • Ощущается: 2°Влажность: 93% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: