«Саха сирэ» хаһыакка тугу ааҕыахха?
“Сарсыардааҥҥы ыамы баттаһаары, арочнай хотон таһыгар массыынабыт хорус гына тохтоото.
Ыанньыксыттар ынахтарын ыан бүтэрэллэрэ чугаһаабыт бадахтаах. Хоп курдук, ыраас хотоҥҥо олоппостоох, биэдэрэ кыбыныылаах киһини көрбөккүн да диэххэ сөп. Аппараатынан ыыр буоланнар, үлэлэрэ түргэтээбит. Үлэлээбитэ 7 сыла буолбут Сардаана Адамова этэринэн, биир ыанньыксыт 40-ча ынаҕы ыыр”, — диэн суруналыыс Женни Стрюкова Хаҥалас улууһун Төхтүр сэлиэнньэтигэр баар “Хаксык” производственнай кэпэрэтиип хайдах үлэлиирин билсэ тахса сылдьыбытын туһунан репортааһын икки балаһанан сырдаппытын бүгүҥҥү хаһыакка ааҕыҥ.
Саха сиригэр бэйэтигэр гаастааһыҥҥа үлэлиир систиэмэ баар, ол иһин биһиэннэрэ «Газпром» хампаанньа салайааччыта Алексей Миллери кытта көрсөн, ыллыктаах санааларын ылыннаран «Сахатранснефтегаз» эрэгийиэннээҕи операторын социальнай гаастааһын бырагырааматын толорооччунан буолбута. Сиһилии “Саха сирэ гааһы тардыыга – 10 бастыҥ иһигэр” диэн суруналыыс Сайаана Львова матырыйаалын ааҕыҥ.
“Настя, бэйэтин саастыылаахтарын курдук, барыны бары билэ-көрө сатыыр кыысчаан этэ. 4 сааһыгар чугаһаан эрэр кыысчаан эбээтигэр кэлэн, аҕас-балыстар куоска оҕолорун кытары оонньообуттара. Эмискэ куоска оҕолоро куота көтө оонньуу сылдьан, биирдэстэрэ уот ыстаансыйатын анныгар киирбитэ. Оччолортон да хорсун санаалаах Настя үгүһү толкуйдуу барбакка, куосканы быыһаары аллараанан сыылан киирбитэ. Ол кэнниттэн кыысчаан туох буолбутун өйдөөбөт… Уокка оҕустаран өйүн сүтэрбит кыыс биирдэ уһуктубута балыыһаҕа сытара” диэн саҕалыыр 20 сыл устата хорсун санааланыы, үлэһит, дьулуурдаах буолуу үтүө холобурун көрдөрбүт аатырбыт ууһут спортсмен Анастасия Диодорова туһунан матырыйаалын суруналыыс Надежда Егорова. Ааҕыҥ уонна сэргээҥ.
“Кыыс кини санаатыттан тахсыбатаҕа. Утуйаары сыттаҕына, хап-хара харахтар көстөллөрө, эмиэ да таайтарардыы, угуйардыы тырымныыр, дьолу эрэннэрэр курдуктара. Сүрэҕэ минньигэстик ньүөлүйэрэ. Кыыһы көрдөөн буларга санаммыта, күн аайы үөрэҕэр кинини көрүөм диэн барара. Кини дьолугар, кыыс саха салаатыгар саҥа үөрэнэ кэлбит этэ. Онон сотору кэминэн факультекка көрсөн, билсэн, син балачча өр “эккирэтэн” кыыс иннин ылан, эдэркээн сүрэхтэр таптал уотугар умайбыттара. Ол саҕана төлөпүөн диэн саҥа үөдүйэр кэмэ этэ, устудьуоннарга суоҕа. Былыргылыы саппыыска суруйсан, кичэл ис санааларын, туҥуй сүрэх истиҥ иэйиитин арыйсаллара. Икки сылынан, көмүс күһүн күлүмүрдээн бүтэн, бастакы хаар түһэн намылыта турдаҕына, Арчы дьиэтин иннигэр ыал буолуохха диэн этии киллэрбитин, таптыыр кыыһа ылыммыта. Ол дьоллоох күнүн санаан, төрдүс кэнсиэрин “Таптаспыт күһүммүт кэллэҕэ” диэн ааттаабыта…”. Бу ырыаһыт, урбаанньыт, СӨ култууратын туйгунун Кылаан Кындылы кытта “Итии чэй” рубрикаҕа суруналыыс Ангелина Васильева атах тэпсэн олорон кэпсэппититтэн холобурдаатым. Олох, айар үлэ, дьиэ кэргэн туһунан кэпсэтии үгүс ааҕааччы болҕомтотун тардыаҕа.
“Саха ынаҕын уонна сылгытын этэ миинэ барарынан, сытынан-сымарынан, амтанынан, тотоойутунан кэлии эттээҕэр төһө эбит ордугун киһи барыта билэр. Арай сыаната ардыгар өрө баран, чопчу сыаллаан-соруктаан саха ынаҕын уонна сылгытын этин амсайыыга эрэ атыылаһарбытыгар тиийдибит. Кыаммат ыалга, аҥаардас ийэлэргэ, аҕам саастаахтарга эт күндү ас буолбут. Инникитин бары да кэриэтэ куурусса, сибиинньэ, кэнсиэрбэлэммит сүөһү этин онно-манна булкуйан сиирбит адьас чугаһаабыт” диэн бэйэтин ырытыытыгар бэлиэтиир Василий Прокопьев. Суруналыыс ”Хонтуруолламмат сыана… Тоҕо саха ыалын остуолугар сүөһү уонна сылгы этэ аҕыйаата?” диэн төбөлөөх сытыы тиэмэни таарыйбытын бүгүҥҥү хаһыаттан билсиҥ.
Балаҕан ыйыгар Казахстан бөдөҥ куоратыгар Алматыга хас да оҕо бэйэтигэр тиийинэн өлбүтүн кэннэ улахан аймалҕан буолбута. Социальнай ситимнэргэ төрөппүттэр бу иэдээн төрдө туохха сытарын көрдөөһүннэрэ саҕаламмыта, сабаҕалааһын быһыытынан мобильнай сыһыарыыларга, Telegram-чаттарга, кинигэлэргэ баар кутталлаах оонньуулар буолуохтарын сөп диэбиттэрэ. “Оонньуу… «Дьиэҕиттэн күрээ…» диэн интэриниэт-оонньуу туһунан Антонина Эверстова суруйда. Оскуолаҕа үөрэнэр оҕолордоох төрөппүттэр хайаан да бу матырыйаалы булан ааҕаргытыгар сүбэлиибин.
“Хаппыыстаны уһун синньигэс, моркуобу, сүбүөкүлэни түөрт муннуктуу, укуруобу бөдөҥ гына кырбастыыбыт. Барытын эмалированнай иһиккэ кутан баран туус эбэн уута-хаара тахсыар диэри булкуйабыт. Онтон хаппахтаан баран ыарахан ыйааһынынан баттатабыт. Сылаас сиргэ быһа холуйан үс-хас күн туруорабыт. Хаппыыстабыт бэлэм буолбутун үрдүгэр тахсыбыт уута аһыйбыт амтаннааҕыттан билэбит. Уутун ыган, биирдии кутууга сөп буолар төгүрүктэри оҥорон баран тоҥортуубут”. Бу курдук бүгүҥҥү хаһыакка хаппыыстаны тууһуур кэккэ ньыманы кытта суруналыыс Людмила Попова билиһиннэрдэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: