Салгыы
Сахамин АФАНАСЬЕВ: “Баар уустуктары — биир сүбэнэн”

Сахамин АФАНАСЬЕВ: “Баар уустуктары — биир сүбэнэн”

28.09.2023, 14:10
Хаартыска -- Сахамин Афанасьев тиксэриитэ
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ Ил Түмэн сэттис ыҥырыылаах сиэссийэтигэр дьокутааттар сис кэмитиэттэринэн тарҕаһар үлэ торумун дьүүллэстилэр, ырыттылар.

Мунньах түмүгүнэн социальнай ситимнэргэ “Арктика улуустарыттан талыллыбыт дьокутааттар тутаах сис кэмитиэттэн куотунан “эттээх” өттүгэр таластылар” диэн ис хоһоонноох видео да, иһитиннэрии да тарҕанна. Биллэн турар, маныаха быйылгы быыбарга элбэх хоту улууһу түмэр Халыма-Индигиир уокуругар Сахамин Афанасьевка уонна Гаврил Алексеевка куоластаабыт Арктика улуустарын олохтоохторо ордук долгуйан уонна айманан ыллылар. Дьиҥэр, атын да хоту улуустартан дьокутааттар эмиэ баар буоллахтара.

Бу төһө оруннаах иһитиннэрии тарҕана сылдьарын билээри, биир мандаттаах Халыма-Индигиир уокуругар элбэх куолаһы ылбыт норуот дьокутаата Сахамин Афансьевы кытта билсэн, быһаарыы биэрэригэр көрдөстүбүт.

Норуот дьокутаата Гаврил Алексеев уонна мин Ил Түмэн сүрүн сис кэмитиэттэригэр чилиэнинэн киирдибит. Бу иннинэ иккиэн, үлэбитин хоһуласпат туһуттан, ким ханнык салааларынан үлэлиирин эрдэттэн быһаарсыбыппыт. Биллэн турар, иккиэн суксуруһа сылдьан биир кэмитиэккэ киирбэппит чахчы. Онон мин тутуу уонна сокуон, сир сыһыанныаһыытын, айылҕа уонна экология кэмитиэттэригэр, ОДьКХ уонна энэргиэтикэ курдук олоҕу хамсатар кэмитиэттэргэ киирдим.  Оттон уопуттаах финансист Гаврил Алексеев үһүс төгүлүн бүддьүөт нолуок уонна сыана бэлиитикэтигэр, баай-дуол уонна приватизация  сис кэмитиэтигэр үлэлиир буолла. Кини тыа сирин уонна аграргнай бэлиитиикэ кэмитиэтигэр эмиэ баар. Гаврил Алексеев, маны тэҥэ, Аҕыйах ахсааннаах норуоттар бэрэстэбиитэллэрин уонна Арктика дьыалаларын сис кэмитиэтигэр үлэлиэҕэ. Бу курдук биир кэмитиэккэ иккиэн “анньыһа” сылдьыбакка, быыбардааччыларбыт интэриэстэрин киэҥ хабааннаатык туруулаһар инниттэн араас кэмитиэккэ хабылла сатаатыбыт. Онон Гаврил Алексеевтыын тэҥинэн уопсайа 6 кэмитиэккэ тахсыылаахтык, көдьүүһү ситиһэрдии үлэлэһиэхпит. Биллэн турар, Аҕыйах ахсааннаах норуоттар бэрэстэбиитэллэрин уонна Арктика дьыалаларын сис кэмитиэтин тустаах үлэтигэр, бары мунньахтарыгар, тэрээһиннэригэр Халыма-Индигиир уокуругар киирсэр хоту улуустар дьокутааттарын быһыытынан, көхтөөх кыттыыны ыларбыт чахчы. Ол биһиги эбээһинэспит да, иэспит да. Оттон атын хоту уонна Арктика улуустарын дьокутааттарын оннугар быһаарыы биэрэр кыаҕым суох. Бэйэбит уокурукпут чааһыгар быһаарыым итинник.

Биһигини уокурук биэс улууһун интэриэһин өрөспүүбүлүкэ таһымыгар көмүскүүр улахан үлэ көһүтэр. Бу сайын уокурук бары кэриэтэ нэһилиэгэр сылдьан, дьону-сэргэни кытта сирэй көрсөн олорон кэпсэтэн, олоҕу-дьаһаҕы көрдүбүт, накаастары хомуйдубут, үлэбитин былааннаатыбыт. Онон туох баар кыахпытын ууран туран, быыбардааччыларбыт эрэллэрин түһэн биэрбэт курдук эппиэтинэстээхтик үлэлииргэ бэлэммит.

+1
6
+1
4
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
11 октября
  • 2°C
  • Ощущается: -0°Влажность: 87% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: