Салгыы
Тааттаҕа уолаттарга кулинарнай күрэс ыытылынна

Тааттаҕа уолаттарга кулинарнай күрэс ыытылынна

17.02.2024, 13:51
Хаартыска: Евгения Андросова.
Бөлөххө киир:

Таатта улууһун Туора Күөл оскуолатыгар «Тарбаахаптыы астыахха» диэн кулинарнай күрэһи 13-с төгүлүн ыыттылар. Быйыл бу күрэс «Тыгын Дархан» эрэстэрээн бренд шеф-повара, саха саарына Иннокентий Тарбахов 80 сааһыгар ананна.

Хаартыска: Евгения Андросова.

Интэриэһинэйэ диэн, манна уолаттар эрэ кытталлар. Быйыл күрэскэ Таатта, Амма, Уус Алдан, Мэҥэ Хаҥалас, Чурапчы улуустарыттан 19 уол кытынна.

Күрэс тэлэбииһэргэ көстөр тыҥааһыннаах  кулинарнай күрэстэртэн туох да итэҕэһэ суох. Уолаттар астарын-үөллэрин бэлэмнээн, анал таҥастарын кэтэн, ох курдук оҥостон тураллар. Бастакы түһүмэххэ салааттары, иккискэ — грильгэ, духуопкаҕа, хобордооххо буспут шашлыгы, үһүскэ — сахалыы чэйи, төрдүскэ — минньигэс аһы астаан көрдөрдүлэр.

Дьүүллүүр сүбэ да сүрдээх кытаанах, ирдэбиллээх, бириинчик буолан биэрдэ. Хайдах туттан-хаптан астыылларын, бородуукталар сөп түбэһиилэрин, ас амтанын уонна көстүүтүн, киэргэтиитин барытын сыаналаатылар.
Дьүүллүүр сүбэҕэ Иннокентий Тарбахов кыыһа Агафья Харлампьева, сиэнэ, «Red and Green» эрэстэрээн шеф-повара Семен Тарбахов, «Тыгын Дархан» эрэстэрээн шеф-повара Константин Матаннанов, АГАТУ бэрэпиэссэрэ Константин Степанов бааллар. Онон үрдүк таһымнаах күрэс буолла.
Хаартыска: Евгения Андросова
Муҥутуур кыайыылааҕынан Таатта Дьохсоҕонуттан 10-с кылаас үөрэнээччитэ Максим Попов буолла. Былырыын эмиэ Дьохсоҕонтон Айтал Попов кыайбытын бэлиэтиэххэ сөп.
1-кы миэстэни Туора Күөл оскуолатын 10 кылааһын үөрэнээччитэ Айсен Белолюбскай, 2-с миэстэни — Мэҥэ Хаҥалас Чыамайыкытыттан 10 кылаас үөрэнэччитэ Антон Захаров, 3 миэстэни — Чурапчы Мындаҕаайытыттан 8 кылаас үөрэнээччитэ Олег Климов ыллылар диэн Таатта улууһун телеграм-ханаалыгар иһитиннэрдилэр.
+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
14 декабря
  • -38°C
  • Ощущается: -38°Влажность: 74% Скорость ветра: 0 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: