«Төрүт үгэстэрбитигэр тирэҕирэн…»
СӨ култууратын уонна духуобунай сайдыытын миниистирэ Афанасий Ноевы кытары Төрөөбүт төрүт тылбыт күнүн иннинэ көрүстүбүт. Ол да иһин, кэпсэтиибит сахабыт тылын туһунан толкуйтан саҕаланна. Ол мээнэҕэ буолбатах эбит.
Тоҕо диэтэххэ, Афанасий Иванович кэбиниэтигэр киирбит киһи аан бастаан биир эркиҥҥэ саха литэрэтиирэтин төрүттээччилэртэн биирдэстэрэ, бөлүһүөк, сырдатааччы Алексей Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй уонна Саха сирин бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Ефимович Николаев мэтириэттэрэ кэккэлэһэ ыйаммыттарын көрө түһэр. “Норуоттарын ортотугар сылдьыбыт, үлэлээбит, мындыр өйдөрүн кэнэҕэски ыччакка тириэрдибит бу чулуу дьоммут үөрэхтэрэ биһиги бигэ тирэхпитинэн буолар. Онон, салайааччылар кэбиниэттэригэр бу улуу дьоммут мэтириэттэрэ эмиэ баар буолуохтаах дии саныыбын”, – диэн Афанасий Иванович киэн тутта этэр.
Тылбыт – норуот барҕа баайа
– 2022 сыллаахха өрөспүүбүлүкэбитигэр саха тылын учууталларын, онтон 2023 сыллаахха аҕыйах ахсааннаах төрүт норуоттар тылларын сийиэстэрэ буолбуттара. Бу сийиэстэргэ Саха сиригэр олорор олохтоох омуктар тылларын сайыннарар уонна олохпут тэтимнээхтик сайдарынан сибээстээн, тылбытын-өспүтүн саҥа тиэрминнэринэн байытар сорук турбута. Төрөөбүт төрүт тылбытын үчүгэйдик билэр эрэ буоллахпытына, атын тыллары кэбэҕэстик баһылыахпыт.
Биһиги тылбытыгар-өспүтүгэр олоҕуран, духуобунаспыт сайдар. Онон, бастатан туран, төрөөбүт тылбытын билиэхтээхпит, тылбытын илдьэ сылдьар буоллахпытына, үрдүк култууралаах, духуобунастаах буолуохпут. Холобур, киһи бэйэтин төрөөбүт тылынан саҥарар, саха суруйааччыларын элбэхтик ааҕар буоллаҕына, кини эмиэ айыан-тутуон, сахалыы хомоҕой хоһоону суруйуон сөп эбээт. Онон, мин санаабар, киһи бары өттүнэн сайдар кыаҕа тылбытыттан улахан тутулуктаах. Киһи тылын билэр буоллаҕына, хаһан да өлөн-охтон биэриэ суоҕа. Билигин биһиги олох сыаннастарыгар саҥаны айабыт (креативнайбыт) дэһэбит, Саха сиригэр креативнай индустрия сайдар. Ол креативноспыт киһи тылыгар, өйүгэр-санаатыгар, култууратыгар сытар. Бэйэбит төрүт тылбытын – норуот баайын илдьэ сылдьар буоламмыт уонна төрөөбүт айылҕабыт баайа бэрт буолан, саҥаттан саҥаны айабыт-тутабыт. Чуолаан, хайдах маннык хатыламмат кэрэ айылҕалаах дойдуга олорор киһи уобарастаан этиэ, хоһуйуо суоҕай? Олоҥхоһуттарбытын да ылан көрүөҕүҥ. Маҥнайгы олоҥхоһуттарбыт бары Суруйааччылар сойуустарын чилиэннэрэ этилэр. Тоҕо диэтэххэ, кинилэр ыллаан-туойан, олоҥхолоон бүтүн айымньыны истээччигэ, ааҕааччыга тириэрдэллэр. Кинилэр олоҥхолоругар, тылларыгар-өстөрүгэр уонна фольклорга олоҕуран, саха литэрэтиирэтэ сайдыбыта. Онон, мин санаабар, олоҥхоһуттары айааччылар быһыытынан Суруйааччылар сойуустарыгар ылыахха наада.
Саха сирэ саамай ааҕар эрэгийиэн буоларынан уонна култуура элбэх тэрилтэлээҕинэн уратылаах. Өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо култуура тэрилтэлэрэ ыытар тэрээһиннэригэр сылдьыыларынан РФ эрэгийиэннэрин ортолоругар бастакы миэстэҕэ тахсыбыта.
Өрөспүүбүлүкэҕэ үгэс буолбут култуурабытыгар харыстабыллаах сыһыан баар. Олоҥхоһуттары, оһуокайдьыттары, уустары уонна норуот маастардарын судаарыстыба өйүүрүн туһугар, Ил Дархан бириэмийэлэрэ олохтоммуттара. Ону сэргэ ыам ыйын 25 күнүгэр Оһуокай күнэ бэлиэтэнэр буолла. Айсен Николаев сыл аайы туттарыллар бириэмийэлэри олохтообутун саха норуотун төрүт култууратын харыстаан илдьэ сылдьар, кэлэр кэнчээри ыччакка тарҕатар дьоҥҥо ытыктабыл уонна билинии бэлиэтэ дии саныыбын. Уопсайынан, төрүт култуурабытын, тылбытын-өспүтүн, үгэстэрбитин ыһыктыбакка сылдьан, сайдыы саҥа технологияларын тэҥинэн киллэрэн, сайдыы саҕахтарын арыйыахпыт. Владимир Путин “Биһиги Арассыыйа норуоттарын сыаннастарыгар олоҕуран сайдыахтаахпыт” диэн этиитэ тахсан кэлэр.
Арассыыйа улахан түмэллэрин кытары холбоһуктаах үлэ түмүгэр Саха сиригэр СӨ Национальнай түмэлигэр «Иван Шишкин. Живопись уонна графика» быыстапкаҕа 14,5 тыһыынча киһи сырытта. Эрмитаж күннэрэ Саха сиригэр киэҥ бырагырааманы хабан аан бастакытын ыытылыннылар. Кырдьыга да, киһи эрэ барыта Москваҕа, атын да куораттарга тиийэн уһулуччу үчүгэй хартыыналары илэ хараҕынан көрөр-истэр кыаҕа суох. Быйыл романтизм истииллээх нуучча улуу худуоһунньуга Иван Айвазовскай хартыыналарын Нуучча түмэлиттэн аҕалан “ыалдьыттатыы” былааннанар.
Быйыл саас Саха сирин күннэрэ Казахстан Өрөспүүбүлүкэтигэр тэриллиэхтэрэ. “Улахан гостуруоллар” федеральнай бырайыак чэрчитинэн, Үүнэр көлүөнэ тыйаатыра Калмыкия Элиста куоратыгар, Куукула тыйаатыра Удмуртияҕа Ижевскэй куоракка, Мииринэйдээҕи тыйаатыр Кемерово куоракка ыытыллыахтара. Өрөспүүбүлүкэ тыйаатырдара 22 улууска кэнсиэртэринэн, испэктээктэринэн ыалдьыттыахтара.
“Култуура” национальнай бырайыак өйөбүлүнэн
– Мин бэйэм тыа сириттэн төрүттээхпин. Ону сэргэ тыа сирин дьонун-сэргэтин кытары чугастык алтыһан, салайар үлэҕэ эдэрбиттэн сылдьыбыт буоламмын, тыа сирин олоҕун-дьаһаҕын билэбин.
Сэбиэскэй кэмҥэ, сопхуостар кыахтаах эрдэхтэринэ, элбэх кулууп, успуорт саалалара тигинэччи үлэлээн олорбуттара. Чугаһынан эттэхпинэ, 1980-90 сылларга Покровскайга “Саргы түһүлгэтэ” дьиэни дыбарыаска тэҥнээн көрөрбүт. Ити кэмнэрдээҕи тутуулар эргэрэн, материальнай-тиэхиньиичэскэй баазалара мөлтөөн барбыттара. Онон аныгы кэмҥэ эппиэттиир саҥа эбийиэктэри тутуу наадата тирээн кэлбитэ. Кэм-кэрдии биир сиргэ турбат, сайдыы саҕахтара арыллан испиттэрэ.
Кэнники сылларга РФ бэрэсидьиэнэ көҕүлээбит “Култуура” национальнай бырайыагынан уонна СӨ Ил Дархана, бырабыыталыстыбата өйөөннөр, тыа сиригэр куораттыы тииптээх саҥа дыбарыастар дьэндэйбиттэрин көрөн, киһи эрэ сүргэтэ көтөҕүллэр. “Култуура” национальнай бырайыак чэрчитинэн тыа сиригэр Култуура кииннэрэ, кулууптар аһыллаллар, материальнай-тиэхиньиичэскэй баазалара тупсарыллаллар.
Тыа сиригэр норуодунай тыйаатырдарбыт, култуура тэрилтэлэрэ олус элбэх үлэни ыыталлар. Ил Дархан “Үлэ киһитэ” бириэмийэтин лауреаттарынан биир идэлээхтэрбит: Уус Маайа улууһун Култуура уонна норуот айымньыта сайдыытын киинин мастарыскыайын сэбиэдиссэйэ Прасковья Неустроева уонна Ньурбатааҕы Оҕо ускуустубатын оскуолатын преподавателэ Алиса Егорова буолбуттарынан киэн туттабыт.
Тыа сиригэр киинэ саалалара
– Саха киинэтин устарга улахан өйөбүл оҥоһуллар. Кэнники 4 сылга 29 бырайыагы өйөөн, 95 мөлүйүөн солкуобай көрүлүннэ. Сорох киинэлэр хайыы үйэ тыйаатырдарга көрдөрүллэн, көрөөччү биһирэбилин ыллылар, сороҕо уһулла сылдьар. Өссө биир үтүө хайысханан “Экстра Синема” диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи хампаанньа (салайааччы Петр Чиряев) 17 киинэ саалатын арыйда. Киинэ саалалара бары Саха сирин улуустарыгар аһылыннылар, киинэлэри көрдөрөр саҥа систиэмэ оҥоһулунна. Былырыыҥҥы түмүгүнэн, биһиги киинэлэрбит 100 мөлүйүөн солкуобайы киллэрдилэр, хаһан да маннык буолбатаҕа. Арассыыйа министиэристибэтэ өйөөн, “Сахафильм” хампаанньа Алма-Атаҕа Саха киинэтин күннэрин ыытан,
2 тыһыынчаттан тахса киһи саха киинэтин көрдө, сэргээтэ.
“Улахан гостуруоллар” бырагырааманан эрэгийиэннээҕи тыйаатырдар бэйэ-бэйэлэригэр сылдьан, үлэлэрин билиһиннэрдилэр. Быйыл олоҥхобутун уонна операбытын Казахстаҥҥа көрдөрүөхтээхпит.
– Култуура уонна духуобунас министиэристибэтэ 70 сылын бэлиэтээтэ. Бу сыллар тухары министиэристибэ үлэтэ-хамнаһа дьиҥ чахчы көдьүүстээх буоларыгар уонна сайдарыгар култуура хас биирдии үлэһитэ кылаатын киллэрдэ. Бу сыллар тухары култуура эйгэтигэр үлэлээн кэлбит биир идэлээхтэрбэр элбэх өрүттээх үлэҕит, идэҕитигэр бэриниигит иһин махтанабын.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: