Булкаас күөн көрсүһүү күүстээхтэри түмүөҕэ
16.02.2024, 16:02
Бөлөххө киир:
Булкаас күөн көрсүһүүгэ (единоборство) өрөспүүбүлүкэ күүстээх спортсменнара мустуохтара. Бастыҥнар өрөспүүбүлүкэ сүүмэрдэммит хамаандатыгар талыллан киириэхтэрэ.
Олунньу 17 күнүгэр Дьокуускайга булкаас күөн көрсүһүүгэ (ММА) СӨ чөмпүйэнээт ыытыллыаҕа. Күрэхтэһии «Юность» чэпчэки атлетика манеһын буокса саалатыгар буолар.
Манна 18 cаастарыттан юниордар уонна эр дьон кыттыахтара. Спортсменнар уон ыйааһыҥҥа киирсиэхтэрэ – 52 ,2 кг, 56,7 кг, 61,2 кг, 65,8 кг, 70,3 кг, 77,1 кг, 83,9 кг, 93 кг, 120,2 кг, 120,2 кг үөһээ.
«Кыайбыттар өрөспүүбүлүкэ сүүмэрдэммит хамаандатын чилиэнин быһыытынан испииһэккэ киириэхтэрэ. Кинилэр кэлин Уһук Илин уокурук чөмпүйэнээтигэр кыттыахтара», — диэн булкаас күөн көрсүһүү көрүҥнэр федерация толорооччу дириэктэрэ (ММА) Айхаан Антонов эттэ.
Тэрийээччилэр бэлиэтииллэринэн, барыта биир күн иһигэр түмүктэниэ. Чөмпүйүөннэр уонна миэстэлэспиттэр сыаналаах бэлэхтэринэн наҕараадаланыахтара.
+1
1
+1
+1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: