Нэдиэлэ иһигэр түөрт киһини түҥнэри көттүлэр
Бу нэдиэлэ иһигэр түөрт киһи эчэйиилээх суол быһылаана таҕыста.
Ол курдук, олунньу 12 күнүгэр Дьокуускай куорат Ильменскэй уулуссатыгар массыына дьахтары түҥнэри көппүтэ. Ыарахан туруктаах дьахтары суһал мэдиссиинэ көмөтө реанимацияҕа илдьибитэ. Ити күн, аны, Курашов уулуссатыгар массыына кыыс оҕону түҥнэри көппүтэ. Суоппар оҕону эчэтэн баран, быһылаан тахсыбыт сириттэн куоппут. Олунньу 13 күнүгэр Ленин проспегар уол оҕону түҥнэри көтүү тахсыбыта. Оҕо суолу сөптөөх сиринэн туораан испит. Олунньу 15 күнүгэр Дзержинскэй уонна Поярков уулуссалар быһа охсуһууларыгар эр киһини түҥнэри көппүттэрэ. Эр киһи бэйэтэ мэдиссиинэ көмөтүгэр тиийбит.
Суол быраабылатын тутуһуу хайа да өттүттэн ирдэнэр. Наһаа түргэнник айанныыр табыллыбат. Маны таһынан, сатыы сылдьар дьону көҥүллэнэр сиринэн туоратары суоппардар умнуо суохтаахтар. Сатыы сылдьар киһи суолу туоруур дьурааҕа (зебраҕа) үктэннэ даҕаны бэйэтин көмүскэллээх курдук сананар. Ол эрээри, суолу туоруурга ыксаабакка, тула өттүгүн көрүнэр наада. Суоппардар хараҥаҕа, ардыгар, киһи суолу туораан иһэрин өйдөөн көрүмүөхтэрин сөп. Сэрэхтээх буолар туһуттан уотунан сырдыыр (светоотражающай) бэлиэни таҥаһыгар иилинэрин умнумуон наада.
Суол быһылаанын сэрэтэр туһуттан олунньу 14 күнүгэр госавтоиниспиэксийэ үлэһиттэрэ сэрэтэр тэрээһиннэри ыыттылар.
Ааспыт сыл түмүгүнэн, Дьокуускайга суол быһылааныгар 17 киһи суорума суолламмыта. Саҥа сыл саҕаланыаҕыттан биир киһи олохтон туораабыт. Бу туһунан ИДьМ Саха сиринээҕи ГИБДД салаата иһитиннэрэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: