Шанхайдааҕы түмсүү инники күөҥҥэ
Вашингтон бу күннэргэ НАТО тэриллибитэ 75 сыллаах үбүлүөйдээх сугулаанын ыытта. Тас дойдулар бэчээттэрэ НАТО оборуонаҕа үбүлээһинин өссө хаҥатар, дойдулары эйэлэһиннэрии туһунан тыл аҥаарын да ыһыктыбатылар диэн суруйаллар. Ити күөнүгэр Казахстаҥҥа Шанхайдааҕы бииргэ үлэлэһии түмсүүтүн мунньаҕа быдан умньааһыннаах буолла.
ШОС аан дойдуга туох суолталааҕый?
Шанхайдааҕы бииргэ үлэлэһии түмсүүтэ (Шанхайская организация сотрудничества) 1996 сыллаахтан саҕаланан баран, 2001-гэ тэриллибитэ. 90-с сыллардаахха Арассыыйа, Кытай, Казахстан, Таджикистан уонна Кыргызстан бииргэ үлэлэһэ сылдьыбыт буоллахтарына, 2001 сыллаахха – Узбекистан, 2017-ҕэ – Индия, Пакистан киирбиттэрэ. Кэлин 2022 сыллаахха Иран уонна, быйылгы мунньаҕынан бигэргэтиллэн, Белоруссия ШОС чилиэнэ буолбуттара. Афганистан уонна Монголия кэтээн көрөр дойдулар быһыытынан мунньахха кэлэн кыттар бырааптаахтар. Ол эрээри билигин Афганистан сайабылыанньатын улаҕа диэки анньан олороллор. Афганистан бу түмсүүгэ киирэргэ өссө 2015 сыллаахха сайабылыанньа суруйбута. Бу дойдулары таһынан Азербайджан, Армения, Бахрейн, Египет, Катар, Камбоджа, Кувейт, Мальдива, Мьянма, Непал, Саудовскай Аравия, Турция, Шри-Ланка, Араб Холбоһуктаах Эмираттара мунньахха кыттар сөбүлэҥи ылбыттара.
Бу түмсүү, атын норуоттар икки ардыларынааҕы бөлөхтөр курдук, байыаннай сыалы-соругу туруорбат. Сүрүн болҕомтотун дойдулар экэниэмикэлэрин сайыннарыыга, энэргиэтикэ боппуруостарыгар, култуура, билим, үөрэх, тырааныспар өттүнэн доҕордоһууга уурар. Ону таһынан кэлиҥҥи сылларга терроризм, сепаратизм, экстремизм, наркомания курдук аныгы үйэ кыыбаҕаларын туоратыыга үлэлэһэр.
Билигин бу түмсүү икки сүрүн тыллаах: нуучча уонна кытай тыллара. Түмсүү чилиэннэрэ английскай тылы киллэриэххэйиҥ диэн тыл көтөҕөллөр. Онон бу да боппуруоһу кэлин быһаараллара буолуо.
Экэниэмикэ өттүн ыллахха, биллэн турар, бу түмсүүгэ баһыйар оруолу Кытай уонна Арассыыйа ылаллар. ШОС уонна БРИКС (Бразилия, Арассыыйа, Индия, Кытай, Соҕуруу Африка) түмсүүлэр иккиэн экэниэмикэ, атыы-эргиэн өттүгэр бииргэ үлэлэһэллэр. 2020 сылтан “ШОС плюс” диэн форматтаах кэпсэтиини ыыталлар. Манна Шанхайдааҕы бииргэ үлэлэһии, Тутулуга суох судаарыстыбалар түмсүүлэрэ уонна БРИКС чилиэннэрэ кыттыыны ылаллар.
Итинэн да ыллахха, Шанхайдааҕы бииргэ үлэлэһии түмсүүтэ сылтан сыл үлэтэ кэҥээн, аан дойдуга ылар оруола үрдээн иһэр.
Быйылгы мунньахтан
Шанхайдааҕы бииргэ үлэлэһии түмсүүтүн үрдүкү сэбиэтин – дойдулар салайааччыларын сэбиэттэрин мунньаҕа сылга биирдэ ыытыллар. Бу мунньаҕы бэрэссэдээтэллиир судаарыстыба тэрийэн ыытар. Быйылгы тэрээһиннэри Казахстан иилиир-саҕалыыр буолан, мунньах Астанаҕа буолан ааста.
Мунньахха үгүс боппуруос туруорулунна. Ол иһигэр экэниэмикэ, энэргиэтикэ, дойдуларга куттал суох буолуутун хааччыйыы, о.д.а. боппуруостар. Балартан мин маннык сүрүн тиэмэлэри бэлиэтээн этиэм этэ.
Шанхайдааҕы бииргэ үлэлэһии түмсүүтэ (Шанхайская организация сотрудничества) 1996 сыллаахтан саҕаланан баран, 2001-гэ тэриллибитэ.
Үөһээ этэн аһарбытым курдук, түмсүү экэниэмикэ боппуруостарын сүрүннээн көрөр. Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин кэлиҥҥи сылларга түмсүүгэ киирбит дойдулар табаарынан эргиниигэ бэйэлэрин харчыларынан хардарыта төлөһүүлэрэ элбээбитин бэлиэтээтэ.
– Холобур, Арассыыйа ШОС дойдуларын кытары солкуобайынан төлөһүүтэ, быйылгы сыл түөрт ыйын түмүгүнэн, 92 бырыһыаҥҥа тэҥнэспит, – диэн эттэ. Манна даҕатан этиим, билигин БРИКС уонна ШОС табаары эргиниигэ биир кэлим систиэмэни, валютаны олохтуурга үлэлэһэ сылдьаллар. Бу систиэмэ киирдэҕинэ, биллэн турар, бу түмсүү чилиэннэрэ атыыны-тутууну ыытыылара, инвестицияны бэйэ-бэйэлэригэр киллэрсиилэрэ өрө дэбдэс гынара чуолкай.
Аны туран, Шанхайдааҕы түмсүүгэ Кытай, Индия, ону таһынан араб дойдулара курдук элбэх ахсааннаах нэһилиэнньэлээх уонна атыыны-тутууну көҕүлүттэн туппут судаарыстыбалар бииргэ түмсүүлэрэ эмиэ улахан оруоллаах. Манна Арассыыйа ыытар бэлиитикэтэ сөп: дойдулар кимтэн да тутулуга суох сайдыахтаахтар. Бу туһунан дойдубут салайааччыта Владимир Владимирович: “Аан дойду сайдыыта биир эрэ судаарыстыбаттан тутулуга суох. Билиҥҥи үйэҕэ дойдулар бары биир тэҥ бырааптаах буолуохтаахтар. Ону билигин үгүс судаарыстыба өйдөөн эрэр. Ол иһин аан дойду үрдүнэн экэниэмикэ сайдыытын кииннэрэ элбээн эрэллэр. Шанхайдааҕы түмсүү БРИКС түмсүүтүн кытары биир ситимнээхтик үлэлиир. Ол хайа да өттүнэн кыайыылаах буолуоҕа”, – диэн эттэ.
Итини таһынан, үгэс курдук, саммит кэмигэр дойдулар салайааччылара биир-биир атах тэпсэн олорон кэпсэтиилэрин аан дойду барыта кэтиир. Онон дойдубут аҕа баһылыга тас дойдулар салайааччыларын кытары көрсүһүүтүн туспа тутан суруйуум.
Дойдулар салайааччыларын кытары көрсүһүү
Владимир Владимирович саммит кэмигэр Монголия, Азербайджан, Пакистан, Турция, Кытай, Казахстан, Иран, Катар салайааччыларын кытары көрсүбүтэ. Оттон Индия лиидэрэ саммит кэнниттэн олох да Москваҕа кэлэн барбыта.
Монголия бэрэсидьиэнин Ухнаагийн Хурэлсуҕу кытары көрсүһүүтүгэр быйыл Халкин-Гол өрүскэ кыайыы олохтоммута 85 сыла туоларын, Арассыыйа уонна Монголия икки ардыгар табаары эргинии быйыл лаппа эбиллибитин, сылын аайы дойдубутугар Монголияттан устудьуоннар үөрэххэ киириилэрэ эбиллэ турарын бэлиэтээтэ. Ону таһынан энэргиэтикэҕэ, тырааныспар, суол-иис эйгэтигэр бииргэ үлэлэһии кэҥээн иһэрин эттэ.
Азербайджан бэрэсидьиэнин Ильхам Алиевы кытары “Хоту-соҕуруу” трасса тутуутун, энэргиэтикэ, экэниэмикэ боппуруостарын, Азербайджаҥҥа нуучча тылын үөрэтии туһунан кэпсэттилэр. Санатан эттэххэ, Ильхам Алиев биир ый анараа өттүгэр Москваҕа командировкаҕа кэлэн барбыта.
Оттон Пакистан премьер-миниистирин Шехбаз Шарифы кытары Владимир Путин икки сыллааҕыта көрсүбүтэ. Бу кэпсэтиилэригэр энэргиэтикэ уонна тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын боппуруостарын туруордулар.
Владимир Путин Турция уонна Кытай салайааччыларын кытары көрсүһүүлэрин аан дойду барыта кэтээн көрөр. Бу сырыыга Владимир Владимирович Реджеп Тайип Эрдоганы кытары атомнай ыстаансыйа тутуутун, энэргиэтикэ боппуруостарын, чуолаан “Боташ” уонна “Газпром” хампаанньалар гааһы тиэрдиигэ баттаспыт докумуоннарын, туһунан кэпсэттилэр. Ону таһынан туризм эйгэтин эмиэ ырыттылар. Оттон Си Цзиньпины кытары көрсүһүүтүгэр Арассыыйа уонна Кытай култуураларын сылларын ыытыы хайдах баран иһэрин, дойдуларга куттал суох буолуутун хааччыйыы, Шанхайдааҕы бииргэ үлэлэһии түмсүүтүгэр Белоруссия киириитин, атыы-эргиэн боппуруостарын көрдүлэр.
Иран, Катар салайааччыларын кытары Владимир Путин Евразиятааҕы экэниэмикэ сэбиэтигэр үлэлэһии, Европаттан чугас сытар илиҥҥи дойдуларга буола турар быһыы-майгы туһунан кэпсэттэ. Казахстан бэрэсидьиэнин Касым-Жомарт Токаевы кытары кэпсэтиитигэр Владимир Путин Арассыыйа уонна Казахстан быйыл икки өттүнэн хас да аан дойдутааҕы таһымнаах түмсүүлэргэ бэрэссэдээтэллииллэрин, сылтан сыл табаары эргиниилэрэ эбиллэн иһэрин тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.
Онон, биир өттүнэн, аан дойдутааҕы ядернай кулууп тоҕус чилиэннээҕиттэн бу түмсүүгэ Арассыыйа, Кытай, Индия, Пакистан баарыттан, ону ааһан КНДР чугасыһарыттан көрдөххө, “ойуурбут” чугас. Иккис өттүнэн, Евразия дойдулара биир ситимнээхтик үлэлииллэрэ, дьиҥэр, хас биирдии судаарыстыбаҕа барыстаах. Экэниэмикэ да өттүнэн, бэлиитикэ да боппуруостарыгар.
Хаартыска: РФ Бэрэсидьиэнин пресс-сулууспата
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: