370-тан тахса киһи социальнай реабилитацияны ааспыт
Ааспыт икки сыл устатыгар байыаннай дьайыыга кыттыбыт дьон 379 дьиэ кэргэттэрин чилиэнэ, ол иһигэр 227 оҕо уонна 152 улахан киһи, Өрөспүүбүлүкэтээҕи доруобуйалара хааччахтаах оҕолору реабилитациялыыр кииҥҥэ социальнай реабилитацияны ааспыттар.
Бу туһунан киин дириэктэрэ Зинаида Максимова тохсунньу 9 күнүгэр ыытыллыбыт брифиҥҥэ иһитиннэрдэ.
Кини этэринэн, социальнай реабилитацияҕа барарга бары усулуобуйа тэриллибит, киин материальнай базата аныгы ирдэбиллэргэ эппиэттиир. Күнүстэри-түүннэри үлэлиир стационар баар, онно улуустартан кэлбит дьону олордоллор. Оҕолору күҥҥэ биэстэ, улахан дьону үстэ аһаталлар.
“Бастаан оҕолор доруобуйаларын кэлимник көрдөрөр диагностиканы ааһаллар. Ол түмүгүнэн хас биирдии оҕоҕо тустаах социальнай реабилитация маршрута оҥоһуллар. Оҕолор социальнай-педагогическай, социальнай-мэдиссиинискэй уонна социальнай-экологическай реабилитацияны ааһаллар. Төрөппүттэргэ психологическай көмөнү оҥорорго улахан болҕомтобутун уурабыт, бу үлэни психологтар ыыталлар. Улахан дьоҥҥо эмиэ битэмииннээх чэйдэр, массаж өҥөлөрө оҥоһуллаллар», — диэтэ Зинаида Максимова.
Киин реабилитациянар дьоннорго социальнай-култуурунай тэрээһиннэри тэрийэр. Холобур, ааспыт сылга тэрилтэҕэ «Азия оҕолоро» норуоттар икки ардыларынааҕы спортивнай оонньууларга 300-тэн тахса билиэти биэрэннэр, реабилитацияны ааһа сылдьар дьон бу күрэхтэһиилэри көрөр кыахтаммыттар. Тэрилтэ үгэс быһыытынан Саҥа дьыллааҕы бырааһынньыктары тэрийэр. Ол курдук ахсынньыга араас саастаах оҕолорго анаан бэлэх туттарыылаах 8 Саҥа дьыллааҕы утренниктар ыытыллыбыттар.
Санатан эттэххэ, социальнай реабилитацияны ааһар туһугар, байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэрэ олорор сирдэринэн Социальнай көмүскэл управлениетыгар эрийэн этиэхтээхтэр, диэн иһитиннэрэр Ил Дархан, бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: