Чэппиэрдээҕи хаһыакка — “тоҥ балык сиэххэ”
2023 сыл түмүктэнэрэ чугаһаабытыгар Арассыыйа үрдүнэн сымыыт боппуруоһа сытыырхайда.
Саҥа дьыллааҕы сүпсүлгэнтэн да сылтаан буолуон сөп. Хаһыакка бу сытыы боппуруоһу ким ырыппытын чэппиэрдээҕи хаһыаттан билиэххит.
Анаабыр улууһун Сааскылааҕар олохтоохтор аны мантан антах бэйэлэрэ оҥорон таһаарар үүттэрин иһэр буолуохтара, атыыга таһаарыахтара. Бу туһунан бэртээхэй сырдатыыны эмиэ «Саха сирэ» хаһыат кэпсиэҕэ.
Урбаанньыт Скрябиннар дьыл кэмиттэн көрөн, араас туристическай тэриллэри уларсар пууннара, быыстала суох дьонунан толору. 2020 сыллаахха сыстыганнаах дьаҥынан сибээстээн, атын дойдуга сынньана барааччылар дойдуларын устун күүлэйдииргэ сананан, Скрябиннары булбуттар. Онтон ыла сыыйа үөрэнэн, баҕардахтарын аайы дьыл араас кэмигэр араас тэриллэри уларсан барар буолбуттар. Биллэн турар, бары тэрили уурар уонна сөптөөхтүк харайар усулуобуйа киһи аайы суох. Онон уларсан ылан туттар быдан табыгастааҕа чахчы буоллаҕа. Бу туһунан бүгүҥҥү хаһыакка ааҕыҥ уонна сэргээҥ.
Суруналыыс Ульяна Захарова бэйдиэ сылдьар ыттар тустарынан суруйарын хаһыат ааҕааччылара бэркэ билэллэр. Ульяна бу хаһыакка Бурятия Өрөспүүбүлүкэтин Бэтэринээринэй Управлениетын салайааччыта Амгалан Дармаевка эрийэн, кинилэргэ бэйдиэ ыттары кытта туох үлэ барарын кэпсэппитэ ааҕааччы болҕомтотун улаханнык тардыаҕа. Бу бэрт сонун сүүрээн. Суруналыыс атын эрэгийиэни кытта холобурдаан кэпсэппитэ олус кэрэхсэбиллээх.
“Бу эһигини кытары кэпсэтэн баран, биир олус үчүгэй тэрээһиҥҥэ бараары олоробун. Ол курдук, И.Н. Егоров-Горнай аатынан өрөспүүбүлүкэтээҕи көрбөттөр уонна мөлтөхтүк көрөр дьон бибилэтиэкэлэригэр Брайл сириибинэн бэчээттиир принтери илдьэн туттараары олоробун, маннык Саха сиригэр суох. Бу принтери хампаанньа 2023 сыллааҕы аһымал бырагырааматын иитинэн ыллыбыт. Биһиги хампаанньабыт духуобунай, научнай-тиэхиньиичэскэй, экологическэй бырайыактарга болҕомтотун уурар” – бу Халыма Индигир уокуругуттан Ил Түмэн дьокутаата, “Сахаэнерго” бөдөҥ тэрилтэ салайааччыта Гаврил Алексеевы кытта суруналыыс Анивера Акимова кэпсэтииттэн быһа тардан билиһиннэрдим.
Уолчаан дьонун кытта ыстаадаҕа сылдьан улааппыт буолан, табаһыт олоҕун-дьаһаҕын барытын билэр. Кырачаан табаһыт тыһы табаны кытта ыыр эбит. Бу көрүҥүнэн бэрт кыра киһи эрээри, дуоспуруннаах толкуйа сөхтөрдө. Коляны кытта кэпсэтэн баран, тыаҕа кинилиин муннахха, эрэйи көрбөккө, булуохтаах сирбитин холкутук булуо эбиппит дии санаатым. Кимниин кэпсэппиппин бүгүҥҥү хаһыакка ааҕыҥ.
Саҥа дьыл киэһэ, итии ас-үөл кэннэ, “тоҥ балык сиэххэ” диэн саҥа аллайыы минньигэстик иһиллэр. Таһырдьаттан, туманы бүрүммүтүнэн ойутан киллэрэн, кыһан барыллар. Хас биирдии киһи ону астыыр кистэлэҥнээҕэ саарбахтаммат. Тоҥ балык бүлүүдэтигэр ханнык балык барсарын туһунан араас улуус эр дьоно сүбэлэрин чэппиэрдээҕи хаһыаттан ааҕыҥ.
Саҥа дьыл чугаһаабытынан эбитэ дуу, былыргы оонньуурдарынан симэммит харыйаҕа хараҕым хатаммыта. “Киһи кэпсэтэн, ынах маҕыраһан билсэр” дииллэринии, бу ураты харыйа хаһаайкатын кытта билистибит. Сөҕүөм иһин, Люция Бурцева – кэллиэгэм, суруналыыс, ону тэҥэ, Готовцевтар аҕа уустарын бэрэстэбиитэлэ буолла. Бу Готовцевтар 19-с үйэттэн саҕалаан, саха баар-суох мааны, бастыҥ, чулуу, өркөн өйдөөх дьонун кытта алтыспыт, үлэлэспит, интэлигиэнсийэ бэрэстэбиитэллэрэ буоллахтара. Люция хос-хос эһээтэ – Байаҕантай улууһун кулубата, кыраайы үөрэтээччи, этнограф, историк, меценат, попечитель Пантелеймон Готовцев-Бааса Атыыһыт эбит. Бу суруналыыс Ангелина Васильева кэрэхсэбиллээх матырыйаалын хаһыат өҥнөөх сирэйиттэн билиэххит.
“Саха сирэ” хаһыат сэтинньитээҕи “Кыһа” сыһыарыытыгар 1970-1973 сылларга Чурапчы улууһун Мугудай оскуолатыгар үөрэҕин саҥа бүтэрбит, ыраах Кубаньтан нуучча тылын, литэрэтиирэтин учуутала кэлэн үлэлээбитин, лоп курдук 50 сыл устата учууталларын туһунан тугу даҕаны истибэккэ сылдьыбыттарын, быйыл электроннай буостанан сибээстэһэн, киниэхэ анаабыт ахтыыларын бэчээттээн турабыт. Бүгүҥҥү нүөмэрбитигэр бу биэс уонча сыл анараа өттүгэр Саха сиригэр кэлэн үлэлээбит педагогу, билигин Кубаннааҕы судаарыстыбаннай университет хаапыдыратын сэбиэдиссэйин, бэрэпиэссэри кытта Людмила Попова “Саха сирэ ханна баарын билбэт этим” интервьютун ааҕыҥ диэн сүбэлиибин. Суруналыыс бэлэмнээн таһаарар олус интэриэһинэй “Кыһа” сыһыарыытын ааҕааччы олох умсугуйан туран ааҕарыгар эрэнэбин.
“Полина-Победа” диэн ааты иһиттэхтэринэ, үгүс дьон, кинини бэйэтин төһө да илэ көрбөтөхтөрүн иһин, “билэбит” диэхтэрэ. Кырдьык, айар куттаах киһи олох араас бэлиэ түгэннэригэр “Тэтим” араадьыйаҕа тута хоһоон айа охсон, “быһа эпииргэ” ааҕа охсубута баар буолар. «Саха сирэ» хаһыакка Полина Находкина-Победа “Итии чэйгэ” ыалдьыттыыр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: