Дьокуускай Саҥа дьыллааҕы харыйалара саҥардыллыахтара
Быйыл Дьокуускайга Орджоникидзе болуоссатыгар турар Саҥа дьыллааҕы харыйа уларыйаҕа. Бу туһунан балаҕан ыйын 23 күнүгэр куорат дьаһалтатын мунньаҕар эттилэр.
Бу харыйа киэргэлэ 2018 сылтан уларыйа илик. Болуоссакка турар фонтаны кытта биир тэҥ, халлаан күөҕэ өҥнөөх, сахалыы оһуордаах этилэр. Ол саҥардыллыбыт харыйа иннигэр Чысхаан Улуу Устюгтан кэлбит Тымныы оҕонньорго кыһын бэлиэтин туттарбыта. Биллэрин курдук, ахсынньы 1 күнүгэр Дьокуускайга умайар харыйалар Арассыыйаҕа аан бастакынан сандаара умайаллар.
Харыйа саҥа тэриллэрин балаҕан ыйын бүтүүтэ Дьокуускайга аҕалыахтара. Үгэс курдук, сэтинньи бүтүүтэ харыйаны туруоран, киэргэтэн саҕалыахтара. Маны тэҥэ, Орджоникидзе болуоссатын фонтана эмиэ саҥардыллыаҕа.
Быйыл Ленин болуоссата саҥаттан оҥоһулла турар. Онон Саҥа дьыллааҕы харыйата эмиэ саҥа, ураты буолуоҕа. Дьэ, кэтэһэбит!
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: