Надежда Ахматова: «Түмсэн биир дьыаланан дьарыктаннахпытына кыайыылаах буоларбыт саарбаҕа суох»
Өрөспүүбүлүкэтээҕи IV «Yлэ-иис күрэҕэ» киэҥ далааһыннаахтык ааста. Бүгүн түмүктүүр түһүмэххэ, кыайыылаахтары эҕэрдэлиэхтэрэ.
Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар көмөлөһө сылдьар волонтер иистэнньэҥнэр кылаабынайа кыттыы, уолаттарга таҥас тигэн кылааппытын киллэрии дииллэр.
«Yлэ-иис күрэҕин» туһунан Чурапчы улууһун хамаандатын салайааччыта Надежда Ахматова санаатын үллэстэр:
— Биһиги былырыын тэриллэммит, ааспыт сыллааҕы күрэскэ сэттиэ буолан кыттыбыппыт. Бастаан күрэхтэһиибит «Илии сылааһа» диэн ааттаах этэ, быйыл уларытан «Сатабыл» буоллубут. Онно биһиги үһүс миэстэ буолбуппут. Биһиги быйыл уон буолан кытта сылдьабыт. Хамаанда сүрүн үлэһиттэрэ алтабыт, эбии Чурапчыттан төрүттээх түөрт киһини кытыннардыбыт. Хас да кыыс бэйэлэрэ иистэнэр сыахтаахтар, ону таһынан оҕону эбии үөрэхтээһиҥҥэ үөрэтэр преподавателлэр бааллар. Онон бары даҕаны маннык таҥастары тигэргэ үөрэнэрбит үчүгэй. 2023 с.
Мугудай кыргыттара «Талисман Победы» грант сүүйбүттэрэ. Ол граннарынан байыаннай дьайыыга кытта сылдьар уолаттарга анаан таҥас бөҕө тикпиппит. «Илии сылааһа» иис сыаҕа олус улахан үлэни оҥоро сылдьар. Байыастарга таҥас тигэрин таһынан, маннык иистэнньэҥнэр күрэхтэһиилэрин тэрийэн уопутун атастаһан, улууска баар иистэнньэҥнэри үөрэтэр. Биһиги манна кэлэн уопут да атастастыбыт, сэргэхсийдибит даҕаны. Бу тигэ сылдьар таҥастарбыт ханнык баҕарар кэмҥэ, хаһан баҕарар наадалаахтар, онон дьон бэйэлэрин дьиэ кэргэттэригэр эмиэ тигиэхтэрин сөп. Дьокуускай куоракка баар Чурапчы түмсүүтэ туох наадатын ыйыталаһан, наһаа үчүгэйдик көмөлөһөн эрэр. Чурапчылар кыыспыт, Светлана Диодорова кэлэн сарсыардаттан киэһэ хойукка диэри сылдьар, дьоҥҥо эбиэт, киэһээҥи аһы аҕалан олус үөртэ. Бу курдук бары түмсэн биир дьыаланан дьарыктаннахпытына, кыайыылаах буоларбыт саарбаҕа суох. Бары да кыайыы туһугар сүүрэ-көтө, үлэлии-хамсыы сылдьар дьоҥҥо бу олус наадалаах.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: