Ураты көстүү: айылҕа «алаадьыта»
Айылҕабыт барахсан араас ураты көстүүлэринэн барыбытын сөхтөрөр, күндүлүүр. Ол курдук, бу күннэргэ Сангаар бөһүөлэгэр үрэххэ муус, хаар «алаадьылар» уста сылдьалларын туоһулуур видео-устуу өрөспүүбүлүкэбитигэр социальнай ситимнэринэн тилийэ тарҕанна. Дьон-сэргэ тута сөхпүтүн, астыммытын биллэрбитэ.
Бу видео-устууну, хаартысканы ким ыыппытый? Кини аата Надежда Федотова диэн, Сангаар олохтооҕо. «Ити видеоҕа көстөр үрэх Сангар бөһүөлэгин аттыгар баар күөлтэн саҕаланан Өлүөнэ эбэҕэ түһэр. Күн аайы кэриэтэ хаамабын. Өлүөнэ биэрэгинэн ити үрэххэ диэри тиийэбин. Соторутааҕыта күнүс алаадьы илдьэн үрэх аттыгар сирбин-уоппун аһаппытым. Сарсыҥҥытыгар тиийбиппэр, алаадьылары уурбут сирим туһаайыытынан, арай, «муус алаадьылар» үрэх сүүрүктээх уутугар эргийэ уста сылдьаллар. Олус ураты көстүү этэ. Сүүрүккэ эргийэр буолан, хайдах эрэ итии хобордооххо буһан сырдьыгыныыр алаадьыларга олус майгынныыллара. Ис сүрэхпиттэн олус диэн үөрбүтүм, астыммытым. Хаамыынан дьарыктаммытым балачча буолла. Олорор сирбиттэн үрэххэ диэри 3 км, ол аата барыта 6 км сири хаамабын», — диэн Надежда Афанасьевна кылгастык кэпсээтэ.
Видео-устууну көрүҥ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: