Байыаннай дьайыы бэтэрээнэ — креативнай урбаанньыт
Байыаннай дьайыы бэтэрээнэ Алексей Никифоров социальнай хантараак көмөтүнэн Покровскайга компьютернай оонньуу кулуубун аста.
Бырайыак оҕолор, ыччат уонна куорат бары олохтоохторун ортолоругар түргэнник биһирэбили ылла. Кини холобура судаарыстыба өйөбүлэ уонна туруоруммут сыалы ситиһиигэ дьулуур Аҕа дойду көмүскээччитигэр эйэлээх олоххо бэйэтин суолун буларыгар хайдах көмөлөһөрүн көрдөрөр диэн, «Аҕа дойдуну көмүскээччилэр» судаарыстыбаннай пуонда Саха сиринээҕи филиалыгар бэлиэтээтилэр.
«Алексей — ыарахаттартан куттаммат уонна мэлдьи сыалын диэки дьулуһар киһи. Кини мэлдьи үөрэнэр, саҥаны баһылыыр уонна ситиспитинэн тохтоон хаалбат», — диир бэтэрээн социальнай координатора.
Ол курдук, Алексей Никифоров Арктикатааҕы судаарыстыбаннай ускуустуба университетын уонна Саха сирин Ил Дарханын иһинэн Инновационнай менеджмент үрдүкү оскуолатын «Креативнай индустрияларга салайыы маастара» диэн идэҕэ саҥаттан бэлэмниир бырагырааматынан үөрэҕи ситиһиилээхтик бүтэрдэ. Маны таһынан, бэтэрээн «Свое дело14» бырайыак кыттыылааҕа буолла, урбаан төрүттэрин баһылаата уонна инники идэтин быһаарынна. Бастакы биисинэһин ситиһиитэ салгыы сайдарыгар күүс биэрдэ. Алексей Никифоров дроннары көтүтүүгэ улуустааҕы күрэхтэһиилэри тэрийдэ уонна ити успуорт көрүҥэр оройуоннааҕы федерацияны салайда. Билигин кини саҥа бырайыагы — Покровскайга оҕуруот аһын оҥорон таһаарыыны тэрийиини — үөрэтэр уонна сир учаастагын ылыы туһунан кэпсэтиилэри ыытар.
Санатан эттэххэ, Саха сиригэр байыаннай дьайыы бэтэрээннэрэ дьиэ кэргэн дохуотун аахсыбакка эрэ, бэйэ дьыалатын арыйарга социальнай хантараагы оҥорторуохтарын сөп. Маныаха «Аҕа дойдуну көмүскээччилэр» пуонда филиалыттан сүбэни ылар ирдэнэр. Ону тэҥэ биисинэс-былаан наада буолуоҕа, маныаха «Мин биисинэһим» киинигэр босхо көмөлөһүөхтэрэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: