Министиэристибэ үрдүк үөрэх кыһаларыгар киирэргэ эксээмэн алын баалын олохтуурга этии киллэрдэ
Дойду билимҥэ уонна үрдүк үөрэххэ министиэристибэтэ 2027-2028 үөрэх дьылыгар министиэристибэ бас билиитигэр баар үрдүк үөрэх кыһаларыгар киирэргэ, биир кэлим эксээмэн алын баалын олохтуурга этии киллэрдэ. Бу туһунан министиэристибэ дьаһалын барылыгар олоҕуран, ТАСС суруйар.
“РФ Билимҥэ уонна үрдүк үөрэххэ министиэристибэтин бас билиитигэр баар тэрилтэлэргэ, 2027-2028 үөрэх дьылыгар үөрэххэ ылыы, ол иһигэр тус сыаллаах үөрэххэ ылыыга сөп түбэһэр уопсай үөрэхтээһин биридимиэттэригэр биир кэлим эксээмэн (ЕГЭ) алын баалларын олохтуурга», — диэн барылга этиллэр.
Бигэргэтиллибит быраабылаларга олоҕуран, муҥутуур алын 40 баал маннык биридимиэттэргэ олохтонно: нуучча тыла, математика (уустугурдуллубут), устуоруйа, омук тыла, литэрэтиирэ, биология, география уонна химия. Үрдүк баал информатикаҕа (46 баал) уонна обществознаниеҕа (45 баал) ирдэнэр. Физиканы туттарарга 41-тэн итэҕэһэ суох баалы ылаллара наада. Ол эрээри, бу барыл буолар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: