Бэс ыйын 11 күнэ: ардах, хаар уонна -1 кыраадыс
11.06.2026, 07:00
Мария Васильева хаартыската, ЯСИА.
Бөлөххө киир:
Бүгүн, бэс ыйын 11 күнүгэр, Саха сирин сорох улуустарыгар ардах, хаар түһэрэ, итиэннэ -1 кыраадыс буолара күүтүллэр диэн УГМС иһитиннэрэр.
Киин, соҕуруу, соҕуруулуу-илин улуустарга быстах ардыаҕа, хотугулуу-илин, хоту инчэҕэй хаар түһүөҕэ.
Сөкүүндэҕэ 9-14 миэтэрэ түргэннээх тыаллаах. Арктика кытылынан, хотугулуу-илин сорох сирдэринэн сөкүүндэҕэ 15-20 миэтэрэ түргэннээх тыаллаах.
Салгын температурата күнүс +13+18°, соҕуруулуу-арҕаа, арҕаа +18+23°, хотугулуу-арҕаа, хотугулуу-илин +8+13°, сорох сирдэринэн +2+7°, өрүс кытылыгар -1,+4°.
+1
+1
+1
+1
+1
2
+1
3
+1
2
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: