Бэс ыйын 24 күнэ: этиҥнээх ардах, тыал уонна +32 кыраадыс
24.06.2026, 07:00
Хаартыска: ЯСИА
Бөлөххө киир:
Бүгүн, бэс ыйын 24 күнүгэр, Саха сирин сорох улуустарыгар этиҥнээх ардах түһэрэ, +32 кыраадыс буолара күүтүллэр диэн УГМС иһитиннэрэр.
Хотугулуу-илин сорох сирдэринэн быстах этиҥнээх ардах түһэрэ күүтүллэр. Халыма-Индигиир улуустарыгар сорох сирдэринэн дохсун ардах, соҕуруулуу-илин быстах ардах, сорох сирдэринэн этиҥнээх ардах түһүөҕэ диэн суруйаллар.
Өлүөнэ алын тардыытынан, Дьааҥыга, Халыма-Индигиир улуустарыгар, этиҥнээх ардах түстэҕинэ уонна Арктика кытылыгар сөкүүндэҕэ 16-21 миэтэрэ түргэннээх тыаллаах, илин эҥээр улуустарга сөкүүндэҕэ 15-18 миэтэрэ түргэннээх тыаллаах.
Күнүс салгын температурата +20+25°, соҕуруулуу-арҕаа +27+32°, хотугулуу-илин +10+15°, сорох сирдэринэн +5+10°, өрүс кытылыгар +1+6°.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: