Дьокуускай 202 түөлбэтигэр ууга түһэн эрэр киһини быыһаатылар
07.07.2023, 13:42
Видеоттан скриншот
Бөлөххө киир:
Бэҕэһээ, от ыйын 6 күнүгэр, Дьокуускайга 202 түөлбэҕэ киэһэ биэс чаас саҕана ТЭЦ күөлүгэр ууга түһэн эрэр киһини быыһаатылар.
Эдэр дьон элбэх буолан сылдьан сөтүөлээбиттэр. Кинилэртэн биирдэстэрэ аһара ыраах харбаан киирбит. Онтон эмискэ кыргыттар көмөҕө ыҥыран хаһыытаспыттар.
Кинилэр дьоллоругар, дьон чугас баар буолан, тимирэн эрэр киһини өрүһүйбүттэр. Бэлиэтээн суруйдахха, ууга тимирэн эрэр киһи сатаан хаһыытыыр, көмөҕө ыҥырар кыаҕа суох буолар эбит. Ууга түһэ-түһэ тахсар буоллаҕына, бу киһи тыын былдьаһа сылдьар диэн буолар эбит.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: