Эдьигээҥҥэ дьиэ баһаарыгар икки киһи тыына быһынна
Ааспыт сууккаҕа Саха сиригэр биэс буруйу оҥоруу бэлиэтэммит. Бу туһунан СӨ дьуһуурунай борокуруора иһитиннэрэр.
Жатай бөһүөлэгэр эр киһини быһаҕынан аспыттар, манна уорбаланар 1974 с.т. дьахтары быһаардылар. Нерюнгрига 1963 с.т. эр киһи доруобуйатын улаханнык эчэтэннэр тыына быһынна, уорбаланааччыны быһаардылар.
Дьокуускайга пляжтан баан каарталардаах уонна сыаналаах төлөпүөннээх суумканы уорбуттар. Мэҥэ Хаҥаласка наркотигынан эргиммиттэрин туттулар. Итиэннэ киин куоракка арыгы иһэн баран уруулга олорбут киһи иккистээн тутулунна.
Дьокуускайга, Аммаҕа, Горнайга, Намҥа, Уус Майаҕа суол саахала буолла.
Эргэ Табаҕаҕа 2009 с.т., оттон Аммаҕа 2013 с.т. бэлисипиэттээх оҕолору түҥнэри көттүлэр. Иккиэн балыыһаҕа киирдилэр. Горнайга «Тойота Ипсум» уонна «УАЗ» массыынаар харсыһыыларыгар сэттэ киһи эчэйдэ. Намҥа «Тойота Гайа» массыына түҥнэстэн, суоппар балыыһаҕа киирдэ. Уус Майаҕа «УАЗ Фургон» уонна «Газ-66» массыыналар харсыһыыларын түмүгэр «УАЗ» массыына 2006 с.т. суоппара суорума суолланна.
Эдьигээн сэлиэнньэтигэр 12 кыбартыыралаах икки этээстээх мас дьиэ умайда. Баһаар буолбут сиригэр икки киһи өлүгэ көһүннэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: