Инчэҕэй хаар түһэр, күнүс -1-6° кыраадыс
22.10.2026, 07:00
Хаартыска: https://www.magnific.com
Бөлөххө киир:
Үгүс улуустарынан бүгүн, алтынньы 22 күнүгэр, кыралаан хаар түһэрэ күүтүллэр, арҕаа оройуоннарга сорох сирдэринэн хаардыыр, күнүһүн сорох сирдэринэн инчэҕэй хаар түһэрэ сабаҕаланар.
Тыала орто күүстээх, арҕаа улуустарга сорох сирдэринэн сөкүүндэҕэ 9-14 миэтэрэҕэ тиийэ күүһүрэр, күнүһүн Арктика кытылынан 15-20 м/с диэри күүһүрүөҕэ, тибиилээх буолуоҕа.
Салгын температурата түүн -3-8°, халлаан былыта суох буоллаҕына -10-15°, хотугулуу-илин -19-24°, хотугулуу-илин хайалаах сирдэринэн -24-29°. Күнүһүн -1-6°, соҕуруулуу-арҕаа 0,+5°, хотугулуу-илин -6-11° буолуоҕа.
Дьокуускай куоракка түүн -7-9°, күнүһүн -1-3° кыраадыс. Түүн кыралаан хаар түһэр, күнүс сөҥүүтэ суох буолуоҕа. Суолга халтараан. Тыала хотугулуу-илинтэн сөкүүндэҕэ 2-7 миэтэрэ түргэннээх.
+1
4
+1
+1
+1
+1
+1
1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: