Муус устар 1 күнүттэн Саха сирин 30 тыһ. тахса олохтооҕун биэнсийэтэ үрдүөҕэ
Муус устар 1 күнүттэн Саха сирин 30 тыһ. тахса олохтооҕун социальнай биэнсийэтэ 6,8 %-нан индексацияланыаҕа. Бу туһунан СӨ Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтэ иһитиннэрдэ.
«Индексация гражданнар сайабылыанньалара суох, аптамаатынан оҥоһуллар. Үрдээбит төлөбүрдэр уруккутун курдук, биэнсийэ кэлэр кыраапыгынан түһүөхтэрэ», — диэн биэдэмистибэҕэ быһаардылар.
Саха сиринээҕи Үлэ министиэристибэтин иһитиннэриитинэн, өрөспүүбүлүкэҕэ социальнай биэнсийэ үксэ инбэлиит буолууга уонна иитээччини сүтэриигэ көрүллэр. Маны таһынан, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылаахтарын, ону тэҥэ «Блокадалаах Ленинград олохтооҕо», «Төгүрүктээһиҥҥэ түбэспит Севастополь олохтооҕо» уонна «Төгүрүктээһиҥҥэ түбэспит Сталинград олохтооҕо» бэлиэлэрдээх гражданнар биэнсийэлэрэ үрдүөҕэ.
Бу үрдэтии болдьохтоох сулууспаҕа сылдьыбыт байыаннайдарга, радиацияттан эмсэҕэлээбиттэргэ, лүөччүө-испытателлэргэ уонна биэнсийэлээхтэр атын да араҥаларыгар (категорияларыгар) сыһыаннаах.
Индексация кэнниттэн социальнай биэнсийэ орто кээмэйэ 22 тыһыынча солкуобайга тэҥнэһиэҕэ — ити уруккутааҕар биир тыһыынчанан элбэх. Инбэлиит оҕолорго уонна I бөлөхтөөх оҕо эрдэхтэриттэн инбэлииттэргэ биэнсийэ ортотунан 2,2 тыһыынча солкуобай эбиллиэҕэ. Хас биирдии киһиэхэ биэнсийэ дьиҥнээх эбиллиитэ кини бэйэтин биэнсийэтин кээмэйиттэн тутулуктаах буолуоҕа диэн Саха сиринээҕи Үлэ министиэристибэтигэр чуолкайдаатылар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: