Саха сирин алта бырайыага Бүтүн Арассыыйатааҕы куонкуруска кыайда
Саха сирин алта бырайыага Уһук Илин эрэгийиэннэригэр тупсаҕай куорат эйгэтин тэрийиигэ V Бүтүн Арассыыйатааҕы куонкурус кыайыылаахтарынан буоллулар. Бу туһунан өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана Айсен Николаев «MAX» мессенджергэ ханаалыгар иһитиннэрдэ.
Куонкуруска Саха сириттэн уопсайа 17 сайаапка киирбититтэн, алтата өйөбүлү ылла — бу үс гыммыт биириттэн ордуга буолар. Саҥа сынньанар сирдэр Сунтаарга, Бэрдьигэстээххэ, Найбаҕа, Сангаарга, Эдьигээҥҥэ уонна Кыһыл Сыырга тутуллуохтара.
Бу бырайыактарга олохтоохтор баҕа санаалара, сэлиэнньэ устуоруйата уонна уратыта болҕомтоҕо ылылыннылар. Ол курдук, сотору кэминэн ити сирдэргэ саҥа өрүс, үрэх кытыллара, искибиэрдэр уонна болуоссаттар тутуллуохтара. Кыайыылаахтар бырайыактарын олоххо киллэрэргэ 20 мөлүйүөнтэн 100 мөлүйүөн солкуобайга диэри кээмэйдээх граннары туһаныахтара.
Ил Дархан Айсен Николаев бэлиэтииринэн, билигин аныгы уонна тупсаҕай эйгэ улахан куораттарга эрэ буолбакка, тыа сирдэригэр, бөһүөлэктэргэ эмиэ тэриллэн дьон олоҕун чэпчэтэр. «Маннык сынньанар сирдэр дьон күннээҕи олоҕун ордук тупсаҕай, табыгастаах оҥороллор, биир санаалаах буоларга сомоҕолууллар уонна төрөөбүт дойдуну кытта ситимнэрин бөҕөргөтөллөр», — диэн эттэ Ил Дархан.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: