Саха сирин арҕаа улуустарыгар күүстээх тыал түһэрэ сабаҕаланар
11.05.2026, 12:05
https://www.magnific.com
Бөлөххө киир:
Дьыл кэмэ уларыйыыта, муус барыыта айылҕаҕа улаханнык сабыдыаллыыллар. Онон бу кэмҥэ тыал-куус, ардах, хаар даҕаны түһэн ылыан сөп.
Чугастааҕы сууккаҕа, ыам ыйын 12 күнүгэр, Мииринэй, Ленскэй, Сунтаар, Ньурба, Үөһээ Бүлүү, Бүлүү, Өлөөн улуустарыгар арҕаа диэкиттэн сөкүүндэҕэ 15-18 м тиийэ түргэннээх тыал түһүө диэн Саха сиринээҕи күнү-дьылы кэтээн көрөр сулууспа иһитиннэрэр.
Оттон Эдьигээн уонна Кэбээйи улуустарыгар соҕуруу диэкиттэн сөкүүндэҕэ 15-20 м тиийэ күүстээх тыал түһэрэ сабаҕаланар.
Күүстээх тыал түһүүтэ суолга-иискэ, тутуу үлэлэригэр сэрэхтээх буолууну ирдиир. Онон, бу күннэргэ таһырдьа сылдьарга уонна айанныырга сэрэхтээх буолуҥ.
+1
+1
1
+1
+1
+1
3
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: