Салгыы
Саха ыалын сиэрэ-туома: эдэр булчукка

Саха ыалын сиэрэ-туома: эдэр булчукка

Ааптар:
19.09.2026, 10:00
Николай Бысыин хаартыскаҕа түһэриитэ
Бөлөххө киир:

Маны билэҕит дуо? Эдэр булчут тугу тутуһуохтааҕый?  

  • өлбүттээххэ сылдьыбыт буоллаҕына, бултуурун 40  хонукка тохтотуохтаах;
  • бултуу сылдьан өрүсүһүү, атын киһиэхэ туһаайыллыбыт булду ылар сатаммат, ылар түгэҥҥэ киһи булда ханнан, көтөр-сүүрэр-тоһуйбат, куота сылдьар буолар;
  • бултаан киирэн баран чугас дьонугар хайаан да бэрсиэхтээх, тоҕо диэтэххэ бэринньэҥ  булчукка тыа иччитэ Баай Байанай булду тэбэр;
  • атын булчут сэбигэр-сэбиргэлигэр (туһаҕар, сохсотугар, туутугар, илимигэр, саатыгар) киирбит булду көҥүлэ суох тыыппаккын;
  • улахан булка (эһэҕэ, тайахха, табаҕа) сылдьар булчут кыра булду куобаҕы, мас  көтөрүн, о.д.а. көрдөҕүнэ, бултаспат, көннөрү аһыырыгар эрэ бултаан ылыан сөп.

А.С.Федоров «Саха ыалын сиэрэ-туома» кинигэтиттэн.

(«Айар» кинигэ кыһата, 2023 с.)

+1
9
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2
Бары сонуннар
Салгыы
27 октября
  • -14°C
  • Ощущается: -19°Влажность: 78% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: