Сордоҥ туһунан интэриэһинэй чахчылар
20.10.2026, 19:00
Хаартыска: Экология министиэристибэтэ
Бөлөххө киир:
Саха сирин сордоҥо – бу Саха сирин өрүстэригэр уонна күөллэригэр олохсуйбут көннөрү сордоҥ. Уратыта диэн, бөдөҥ кээмэйдээх уонна тыйыс килиимэттэн чиҥ эттээх.
○ Бөдөҥ балык уһуна 1,5-2 миэтэрэҕэ тиийэр уонна 20-25 киилэ ыйааһыннаах буолар. Ол эрээри сорохторо өссө бөдөҥ буолаллар.
○ Саамай элбэх ахсааннаах сордоҥ Дьааҥы-Индигиир күөллэригэр уонна Халыма эргин бэлиэтэммит.
○ Хотугу тыйыс усулуобуйаҕа балык бытааннык улаатар, ол эрээри 30 сыл да олоруон сөп.
○ Сордоҥ элбэх тиистээх, олор сыҥааҕар эрэ буолбакка, тылыгар, бэл, күөмэйигэр кытта көстөллөр. Тиистэрэ куруук үүнэр.
○ Атын балыгынан аһылыктанар. Саас уонна сайын Саха сирин сордоҥноро кустары, хаастары бултаһаллар.
+1
11
+1
+1
1
+1
1
+1
3
+1
4
+1
4
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: