Тимир суол билиэтин эрдэттэн атыылаһар барыстаах
Тимир суол үлэҕэ киирэн, Саха сирин олохтоохторо айан бу көрүҥүн бэркэ туһанан эрэллэр.
Чахчы да, кыараҕас массыынаҕа хамсаабакка хороччу олорон айанныырдааҕар, сыта-тура айаннаабыт ордук курдук.
«Саха сирин тимир суоллара” АХ дьону таһар пуойастарын састаабыгар плацкартнай уонна купелаах вагоннар киирэллэр. Төһө да плацкартка билиэт чэпчэки буоллар, үгүс дьон купелаах вагону ордороллор. Купе вагонугар 32-тэн 36-ҕа диэри киһи киирэр. Хас биирдии купе түөрт утуйар миэстэлээх буолан, уһун айаҥҥа абыраллаах. Ону тэҥэ, манна туалекка уочарат плацкартнай вагоҥҥа холоотоххо кылгас буолар.
Аллараа Бэстээх – Владивосток, Аллараа Бэстээх – Благовещенскай маршруттарынан айанныыр поезд купелаах вагоннара кондиционердаахтар, биотуалетынан хааччыллыбыттар, төлөпүөннэри ииттэрэр розеткалаахтар.
Купе билиэтин чэпчэкитик атыылаһар туһугар, уоппусканы, айаны эрдэттэн былаанныыр наада. Ол курдук 2023 сыл бэс ыйыттан «Саха сирин тимир суоллара” АХ купелаах вагоннарга динамическай тарыыптар систиэмэлэрин киллэрбитинэн, айаҥҥытын былааннаан, билиэккитин эрдэттэн атыылаһыҥ диэн СӨ тырааныспарын тг-ханаала сүбэлиир
Ол туох төрүөттээҕий? Хоҥнор бириэмэҕиттэн уонна вагон төһө туолан иһэриттэн көрөн, систиэмэ тарыыбы бэйэтэ уларытан кэбиһэр. Ол курдук, саамай чэпчэки билиэттэри вагон 0-тон 19%-ҥа диэри туолан эрдэҕинэ, айанныаҥ 90-тан 39 суукка иннинэ баттаһан атыылаһан кэбиһиэххин сөп. Төһөнөн айанныыр күнүҥ чугаһаан итиэннэ миэстэ аҕыйаан иһэр да, соччонон билиэт сыаната үрдээн иһэр.
Аллараа Бэстээх ыстаансыйатыттан дьону таһар пуойас күн аайы 17:00 чаастан хоҥнор. Пуойаһы кытта Владивостокка, Благовещенскайга уонна Иркутскайга диэри олорсубут вагоҥҥынан тиийэҕин. Кыһыҥҥы өттүгэр Дьокуускайтан кэлэр дьону автовокзалтан тимир суол ыстаансыйатыгар диэри тиэрдэн биэрэллэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: