Салгыы
«Ый-Күн өлүүтүн көрүдүөрэ» саҕаланна

«Ый-Күн өлүүтүн көрүдүөрэ» саҕаланна

19.09.2024, 14:00
Хаартыска: Андрей Сорокин, СИА.
Бөлөххө киир:

Балаҕан ыйын 18 күнүттэн алтынньы 2 күнүгэр диэри «Ый-Күн өлүүтүн көрүдүөрэ» буолуоҕа. Балаҕан ыйын 18 күнүгэр Ый өлүүтэ буолбута, аны алтынньы 2 күнүгэр Күн өлүөҕэ. Маннык кэми «көрүдүөр» диэн ааттыыллар. Дьэ, хайдах буолабыт?

Ый уонна Күн — биһиэхэ саамай чугас куйаар эттиктэрэ. Сиргэ, хамсыыр-харамайга күүстээх дьайыылаахтар. Онон дьоҥҥо, киһи олоҕор маннык «көрүдүөр» эмиэ дьайыылаах. Астрологтар этэллэринэн, бу кэмҥэ урукку быһаарыллыбатах кыһалҕалар, ыарыылар көбөн тахсыахтарын, истириэс, куттал, санаа түһүүтүн курдук иэйиилэр күүһүрүөхтэрин сөп.

Ол иһин бу кэмҥэ ордук сэрэхтээх, болҕомтолоох буолуохха наада. Кыыһыра, ыксыы сылдьан, ханнык да суолталаах быһаарыныылары ылынымаҥ. Бэйэҕитин иһиллэниҥ, доруобуйаҕытын, аскытын көрүнүҥ, хамсаныҥ. Үпкэ-харчыга уонна массыынаны ыытан иһэн, олус болҕомтолоох буолуҥ.

Туох эрэ сатаммат буоллаҕына, ыксаамаҥ, утарылаһымаҥ, бу түгэҥҥэ сөбүлэһэн, «ыытан» кэбиһиҥ. Бу кэмҥэ улахан былааннары торумнуур, саҥа сыһыаны саҕалыыр, кирэдьиити ылар, улахан тэрээһини ыытар табыгаһа суох.

Өскөтүн бу кэмҥэ дьону кытта сыһыаҥҥа урукку кыһалҕа күөрэйэн таҕыстаҕына, бу уруогу чиэстээхтик туоруурга кыһаллыҥ. Дьылҕа тургутар уруогун аастаххытына, иккиһин күөрэйэн тахсыа суоҕа. Онон бу «карма» уруоктарын ааһар кэм.

Үгүс дьон туох да төрүөтэ суох кыыһыран-тымтан туруон сөп, ону өйдөөн, чугас дьоҥҥутун кытта тулуурдаах, эйэҕэс буолуҥ. Этиһиигэ элбэх эниэргийэ бараныаҕа. Элбэхтик сынньаныҥ, айылҕаҕа күүлэйдээҥ, уоскутар муусуката истиҥ, аралдьыйыҥ, массааска сылдьыҥ, йогалааҥ, медитациялааҥ, арчыланыҥ, ыраастаныҥ.
+1
9
+1
0
+1
0
+1
1
+1
2
+1
1
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 октября
  • -3°C
  • Ощущается: -7°Влажность: 68% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: